Файл: Ийэ тыл кнгэр алын сх рэнээччилэригэр ыытыллар Трбт тыл смэтэ.docx
ВУЗ: Не указан
Категория: Не указан
Дисциплина: Не указана
Добавлен: 09.01.2024
Просмотров: 42
Скачиваний: 1
ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.
Ийэ тыл күнүгэр
алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр ыытыллар
«Төрөөбүт тыл сүмэтэ»
Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ балаhыанньата
Ыытыллар күнэ: 2023 сыл олунньу 13-16 күнэ
I. Уопсай балаhыанньата
1.1. Алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт, Дьокуускай куорат Үөрэҕириитин салалтата, Дьокуускай куораттааҕы “Айыы Кыьата” национальнай гимназия көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.
-
Сыала: Оҕо кыра сааһыттан ийэ тыл сүмэтин, кэрэтин иҥэринэн улаатарыгар, санаатын сааһылаан этэр, саҥарар дьоҕура сайдарыгар усулуобуйа тэрийии.
Соруга:
-
оҕо төрөөбүт тылынан чинчийиитин көҕүлээһин; -
араас көрүҥнээх чинчийэр информациялары кытта үлэлиир үөрүйэхтэри сайыннарыы; -
Ийэ Дойдуга, тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии; -
дьон – сэргэ болҕомтотун тардар гына бэйэ санаатын этэ үѳрэнии; -
тыл – ѳс култууратын сайыннарыы.
II. Ыытыллар бэрээдэгэ уонна тэрээhинэ
2.1. Кэмпириэнсийэни С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт саха тылын сайыннарар хаапыдара, Дьокуускай куорат Үөрэҕириитин салалтата уонна «Айыы Кыьата» национальнай гимназия алын сүһүөх кылаастар учууталларын методическэй холбоһуга тэрийэн ыыталлар.
2.2. Кэмпириэнсийэҕэ 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар;
2.3.Тэрийээччилэр:
- кэмпириэнсийэ программатын онороллор;
- дьүүллүүр сүбэни тэрийэллэр;
- кыайыылаахтары наҕараадалааhыны тэрийэллэр.
2.4. Ыытыллар формата: кэтэхтэн (видеонан үлэлэри көрүү) олунньу 13 – 16 күнүгэр ыытыллар.
2.5. Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара:
-
Төрөөбүт тыл абылаҥа, күүһэ, муудараһа (өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор) -
Мин олохпор холобур оҥостор, киэн туттар киһим; -
Мин биһириир литературнай геройум; -
Сахалыы ааттар (дьон – сэргэ, сир – дойду); -
Сахам сирин үүнээйилэрэ; -
Сахам сирин кыыллара; -
Мин төрүччүм. -
Саха киһитин төрүт дьарыга.
2.6. Чинчийэр үлэни көмүскээһин көрүҥнэрэ: дакылаат, реферат, эссе уо.д.а. – сахалыы тылынан видеоматериал оҥорон ыытыллар. Видео уһуна – 3-5 мүнүүтэ.
III. Сыаналааhын:
3.1. Чинчийэр үлэни көмүскээһин ирдэбилэ:
| Ирдэбиллэр | Бааллар | ||
1. | Үлэ тиэмэтин арыйыы | 3 | 2 | 1 |
2. | Үлэни кэпсээһин логиката | 4 | 3 | 2 |
3 | Төрөөбүт тылынан хомоҕойдук саҥарыы | 5 | 4 | 3 |
4. | Үлэни уратытык, айымньылаахтык арыйыы (оригинальность, креативность) | 4 | 3 | 2 |
5. | Чинчийэр хайысхата. | 4 | 3 | 2 |
3.2. Кыттааччылар үлэлэрин сыаналааһын үөһэ ыйыллыбыт бөлөҕүнэн ыытыллар.
3.6. Кыттыы ирдэбилэ: кыттааччылар сайаапканы, сөбүлэҥи (1 сыhыарыы) гугл-форманан бу сигэнэн угуллар: https://forms.gle/L2KCx9hWxbBt8fx59
Сайаапкалары тутуу олунньу 13 күнүгэр бүтэр. Ол кэннэ Whatsapp группа нөҥүө бэриллэр ссылканан, кэмпириэнсийэҕэ кыттааччы видеоматериалын олунньу 17 күнүгэр дылы угаҕыт.
IV. Кыттааччылары наҕараадалааhын:
4.1. Кыайыылаахтары дьүүллүүр сүбэ быhаарар.
4.2. Дьүүллүүр сүбэҕэ кытталлар: С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт саха тылын сайыннарар хаапыдара үлэһиттэрэ уонна Дьокуускай куорат алын сүһүөҕүн учууталлара.
4.3. Күрэх түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ кыайыылааҕы быhаарар.
4.4. Дьүүллүүр сүбэ быhаарыыта уларыйбат.
4.5. Кыайыылаахтар уонна Анал аат хаhаайыннара Грамотанан наҕараадаланаллар (электроннай).
4.6. «Төрөөбүт тыл сүмэтэ» НПК түмүгэ С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт (ИРОиПК) уонна Дьокуускай куораттааҕы “Айыы Кыьата” национальнай гимназия сайтарыгар тахсыа.
Билсэр телефоҥҥут: 89246610704
1 сы
hыарыы
В оргкомитет по проведению
республиканской НПК
«Төрөөбүт тыл сүмэтэ»
Согласие на обработку персональных данных.
Я,___________________________________________________________, проживающ____ по адресу ________________________________________
__________________________________________________________________, паспорт серия ________№ __________ выдан___________________________
__________________________________________________________________,
настоящим даю свое согласие организаторам республиканской НПК «Төрөөбүт тыл сүмэтэ» для обучающихся 1-4 классов, проводимой Муниципальным образовательным бюджетным учреждением «Национальная гимназия «Айыы Кыьата» г. Якутска (далее МОБУ НГ «Айыы Кыьата») на основании плана ИРОиПК им. С.Н.Донского-II, Управления образования городского округа “город Якутск” на хранение, обработку, использование и передачу их другим организациям в целях, связанных с проведением и подведением итогов, персональных данных моего несовершеннолетнего ребенка __________________________________________________________________
«______»______________________________ года рождения в соответствии с требованиями статьи 9 федерального закона от 27.07.06 г. «О персональных данных» № 152-Ф3, включающих: фамилию, имя, отчество, пол, место и адрес учебы в целях организованного проведения республиканской НПК «Төрөөбүт тыл сүмэтэ» , проводимой МОБУ НГ «Айыы Кыьата» в 2023 г.
Данное Согласие может быть отозвано в любой момент по моему письменному заявлению.
Я подтверждаю, что, давая настоящее согласие, я действую по своей воле и в интересах ребенка, законным представителем которого являюсь.
Дата «_______»____________________2023 г.
Подпись: _________________ /___________________________/