ВУЗ: Не указан
Категория: Не указан
Дисциплина: Не указана
Добавлен: 07.11.2023
Просмотров: 53
Скачиваний: 3
ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.
Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолата
“Тимир кыыс - Кэтириинэ” диэн кимий?
Толордо: Заболоцкая Эмилия
Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл
агрофермерскай хайысхалаах
орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччэ.
Салайааччы: Ноговицына Изабелла Егоровна
саха тылын учуутала.
2022с.
Иһинээҕитэ
-
Киириитэ..................................................................................................................................2 -
«Тимир кыыс - Кэтириинэ» туһунан номох............................................................... ........3 -
«Тимир кыыс - Кэтириинэ» ыччаттара....................... ....... ..................................................5 -
Түмүк........................................................................................................................................7 -
Туһаныллыбыт литература.....................................................................................................8 -
Сыһыарыылар..........................................................................................................................9
Киириитэ
«Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» диэн өс хоһоону мээнэҕэ эппэтэхтэр. Ол аата ыал буруота салҕанан бара туруохтаах, оҕолонон-урууланан, тэнийэн иһиэхтээх. Оччоҕуна саха омук быһыытынан сүтэн хаалбакка, тэнийэн, ууһаан иһиэхтээх.Биһиги, инники көлүөнэ ону билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Ол сыалтан мин маннык тиэмэни таллым.
Мин бу тиэмэм тоҕоостооҕо: хас биирдии киһи бэйэтин төрүччүтүн историятын, туох удьуордааҕын, дьарыктааҕын билиэхтээх, онон киэн туттуохтаах. Киһи төрүччүтүн туһунан дьонтон ыйытан, эбээ, эһээ кэпсээниттэн билэр. Ол эрээри сурукка киирбэтэҕинэ, ол кэпсээннэр умнуллаллар. Былыр олорон, үлэлээн ааспыт дьон аата умнуллар, симэлийэр. Биһиги төрүппүтүн билэрбит тухары кинилэр ааттара ааттаныа, олохторо салҕаныа.
Үлэм сыала: хос хос хос хос эбэм Тимир кыыс - Кэтириинэ туһунан, киниттэн тарҕаммыт аймахтарбын билии - үөрэтии.
Мин соруктарым: 1. Тимир кыыс – Кэтириинэ туһунан матырыйаал хомуйуу,
2. Кини олоҕун кылгастык сырдатыы, суруйуу;
Методтар: аймахтарым туһунан матырыйаал хомуйуу, дьиэ кэргэн төрүччү маһын оҥоруу, эбэбин, аймах хос эбэбин кытта кэпсэтии, аймахтарбын кытта билсиһии.
Үлэм научнай сабаҕалааһына: төрүччүбүтүн үөрэтэн биһиги туох талааннаахпытын, хайдах дьон буолуохпутун быһаарыахха сөп. Бу үлэм
практическай суолтатынан мин төрүччүм историятын бэйэм кэлэр көлүөнэбэр тарҕатааччы буолуом. Ханнык биллэр, чулуу дьоннор биһиги аймахха олорон, үлэлээн ааспыттарын билиэхтээхпит. Мин санаабар, хас биирдии киһи бэйэтин силиһин-мутугун билиэхтээх. Оччоҕуна эрэ историябыт байыа, дойдубут сайдыа.
Саха омук хаан буккуллубатын диэн 7 көлуөнэҕэ диэри аймаҕы ийэ, аҕа өттүнэн билиэхтээх эбит. Сахаларга өссө удьуордааһын диэн өйдөбүл баар. Ол аата төрүт удьуортан киһи удьуордуур майгыны, талааны, дьарыгы ылар. Кырдьаҕастары ытыктаан, кинилэртэн хаалар үтүө үгэстэри утумнаатахха дьиэ кэргэн инникилээх, кэскиллээх буолар. Төрүччүм биллибэт өттүн өссө дириҥэтэн үөрэтиэм.
Тимир кыыс - Кэтириинэ диэн кимий?
Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгиттэн тус хоту 8 көстөөх сиргэ Тоҕус Таалалаах диэн тоҕойго Явловскайдар удьуор өбүгэлэрэ көмүллэ сытар тумуһахтара баар. Манна биир эргэ мэҥэҕэ «ЯЕВ» диэн суруктаах. Бу номоххо киирбит «Тимир Кэтириинэ» көмүс уҥуоҕа көмүллэ сытар мэҥэтэ буолар.
18 үйэ кэмигэр российскай этнограф, Хоту дойдуну чинчийээччи Владимир Ильич Иохельсон суруйбут ыстатыйатыгар ол Кэтириинэ туһунан маннык кэпсиир: « Сэтинньи ый бүтэһик күннэригэр аҕата 17-лээх Кэтириинэни «Көлүйэкээн» диэн сиртэн «Кэрэхтээххэ» атынан таһаҕастаах ыыппыт. Бу алта көстөөх сиргэ Кэтириинэ ортотугар хонон тиийиэхтээх эбит. Аара суолга дьиэ да, дьон да суох сирэ. Барарын саҕана халлаан тыаллырбыт да буоллар, аҕата кыыһын тохтоппотох. Оттон кыыс айаннаан истэҕинэ тыала улам күүһүрэн туундараҕа тибии түспүт. Киһи иннин да, кэннин да быһаарбат гына буурҕа буолбут. Кэтириис сыарҕатыгар сытан, атын тохтотон бу тибиини аһаҕас халлаан анныгар хоммут. Сарсыарда халлаан сырдыыта атын миинээри куоттаран кэбиспит, ата сыарҕалыын куотан хаалбыт. Кыыс сырсыбыт да, тоҥуу хаарга кыайан сиппэтэх. Ата сотору хараҕын далыттан сүппүт, суолун хаар типпит, халлаана хараҥарбыт. Кыыс атын суолун көрдөөн түүннэри төттөрү-таары хаампыт да, сотору сэниэтэ эстэн тоҥуу хаары кыайан оймообот буолбут. «Элбэрээк» диэн күөлгэ тиийэн күөл кытыытыгар тиит анныгар сытан утуйан хаалбыт. Төһө өр утуйбута биллибэт, арай уһуктубута кыайан хамсаабат гына хаар тибэн кэбиспит, тыынарыгар да ыарахан эбит. Нэһиилэ мөхсөн-мөхсөн биир илиитин босхолоон үөһэ хаары тарбаҕынан хаһан хайаҕас таһаарбыт. Ол хайаҕаһынан тымныы салгын киирбитинэн дьэ тыын ылан ытыы-ытыы сыппыт. Таһырдьа кээм да буурҕа тыаһа иһиллэрэ. Кыыс оннук хас да күн сыппыт ол тухары наар ытыыр эбит. Тымныыны да, итиини да билбэккэ арай наар утатара үһү, оччоҕо хаары ытыһынан ылан сиирэ да утаҕын ханнарбат эбит. Өйдөнөн кэллэҕинэ хайаҕаһынан халлаан син биир тибиилээҕэ. Арай үһүс ду, хаһыс ду күнүгэр дьэ халлаан көстүбүт, түүн сулустар чаҕылыспыттар. Кэтириинэ бу сытан наар тыаһы-ууһу иһиллиирэ, «ким эмит булуо дуо?» дии саныыра. Хаһыс да күнүгэр эмискэ дьон саҥата, атах тыаһа иһиллибит. Кэтириинэ «манна баарбын, тыыннаахпын!» диэн ыһыытыы сатаабыт да, атах тыаһа улам –улам тэйэн сүтэн хаалбыт. Кыыс барахсан эмиэ хараҕын уутунан сууна хаалбыт. Онтон, арай, өр-өтөр буолбакка, атах тыаһа, дьон саҥата эмиэ бу иһиллэн кэлбит. Эмиэ туох баарынан хаһыытаабыт. Онуоха хайаҕаска кыһыл саарпык көстөн ааспыт. Үөһэттэн хаһан таһаарбыттара, кыыстара токуччу муус килиэҕэ хам ылларан сытара. Бэргэһэтэ да, үтүлүгэ да суоҕа. Ол эрэн, үлүйбүт сибикитэ суох эбит. Сонно тириигэ суулаан, сыарҕаҕа ууран 20 көстөөх сиргэ, дьиэтигэр илпиттэр. Таҥаһа барыта муус буола хам тоҥон быһаҕынан эрэ кэрдэн уһуллар кыахтааҕа. Торбос кулгааҕын тыыран, хаан таһааран ону сылаас чэйгэ кутан иһэрпиттэр. Ити курдук, Кэтириис тоҕус хонукка хаар анныгар аһаҕас туундараҕа сыттар да тыыннаах хаалбыта. Уонча күн дьиэтигэр сытан баран, онус күнүгэр турбут. Тугун да үлүппэккэ, тоҥорбокко, туох да буолбатаҕыныы үлэлээн-хамсаан барбыт.
Кэнники бэйэтэ кэпсииринэн, хаарга тибиллэ сытар кэмигэр тоҕус оҕо кэлэн эти бэрсэн аһаталлара үһү. Дьиктитэ диэн, Кэтириис сүппүт кэмигэр дьиэлэригэр биир тыһаҕастара эмискэ өлбүт. Оттон Кэтириинэ кинини булбут Григорий Явловскайга кэргэн тахсан, тоҕус оҕону төрөтөн, онтон аҕыһын улаатыннаран, Явловскайдар диэн ааттанан, нэһилиэк биир бастыҥ ыала буолан дьоллоохтук олорбуттара.
Кэтириинэни айылҕа биир ыар мускуурун этэҥҥэ туораан, туох да эчэйиитэ суох чөлүгэр түспүтүн иһин «Тимир кыыс – Кэтириинэ» диэн ааттаабыттар. Кини 1938 сыллаахха 68 сааһыгар күн сириттэн барбыта.»
Ити буурҕаҕа мунуу эдэр кыыс эрэ олоҕор буолбакка, кини кэнчээри ыччаттарыгар хаста да хатыланан турар дьиктилээх. Бастакы түгэн, Кэтириинэ кыыһа Аллараа Халымаҕа олохсуйбут Улахан Балбаара кыыһа Клавдия 18 сааһыгар табаннан баран иһэн буурҕаҕа мунан, тоҕус хонукка сүппүт. Кинини эбээн булчут уола булан быыһаабыт уонна кэргэн ылбыт. Иккис түгэн, Кэтириинэ бастакы уола Спиридон сиэнэ Винокуров Спиридон Васильевич 2012 сыллаахха эмиэ «Тоҕус Таалалаах» эргин «Бөрөлөөх» диэн сиргэ бултуу сылдьан, үүтэнтэн чугас кырсаҕа ииппит хапкаанын көрүнэ сатыы чараас таҥастаах тахсан баран буурҕаҕа түбэһэн , муммуттаах. Бу түгэн олунньу ый муҥутуур тымныыларын саҕана этэ. Түөрт күн устата сатыы хааман баран сэниэтэ эстэн охтубутун вертолетунан көрдөөн бултара. Спиридон кэнники кэпсииринэн, ол охто сыттаҕына былыргы таҥастаах икки эмээхсин баар буолбуттар, илиитин-атаҕын дэлби имэрийэн –томоруйан ириэрэргэ дылылар үһү. «Оҕобутун хаһан кэлэн ылаллар»,-диир саҥаларын истибит. Оттон үһүс түбэлтэннэн, Тимир Кэтириинэ кыыһа Екатерина хос сиэнэ Татаринов Иннокентий Прокопьевич Аллараа Халыма сиригэр «Лээбилээх» диэн күөлгэ, буран көлөтө моһуогуран, буурҕаҕа түбэһэн сир халлаан икки ардыгар үс хоммут. Бу дьон бары тоһуттар тымныыга туундараҕа аһаҕас халлаан анныгар аһаабакка-испэккэ, уот оттунар да кыаҕа суох буоллаллар туохтарын да үлүппэккэ тыыннаах хаалтара дьикти.
“Тимир кыыс – Кэтириинэ” ыччаттара
Кэтириинэ кыыс толорду аата – Третьякова Екатерина Васильевна диэн. Явловский Григорий Васильевичка кэргэн тахсан Явловская диэн буолбут. Ыал буолан тоҕус оҕону төрөппүттэриттэн аҕыһа тыыннаах хаалбыт:
-
Спиридон – 6 оҕоломмут (3 уол, 3 кыыс). -
Екатерина – 4 оҕоломмут (2 уол, 2 кыыс). -
Николай - 4 оҕоломмут (3 уол, 1 кыыс). -
Варвара I – 5 оҕоломмут (2 уол, 3 кыыс). -
Константин - 3 оҕоломмут (1 уол, 2 кыыс). -
Акулина – 1 оҕоломмут ( 1 уол). -
Варвара II - 5 оҕоломмут (4 уол, 1 кыыс). -
Алексей – 6 оҕоломмут ( 3 уол, 3 кыыс).
Бу оҕолоруттан икки Варвара Аллараа Халымаҕа, Константин Алаһыайга олохсуйан олорбуттар. Онтон атыттар бары манна Өлөөкө-Күөлгэ олорбуттар. Мин ийэм ийэтин өттүнэн Кэтириинэ эбэбиттэн төрөөбүт бэһис көлүөнэ буолабын. Миэхэ Тимир кыыс – Кэтириинэ хос хос хос хос эбэм буолар.
Көстөрүн курдук, Явловскайдартан 8 оҕо, 34 сиэн, 88 хос сиэн тарҕаммыт. Оттон хос хос сиэннэри ааҕан сиппэтибит. Тоҕо диэтэххэ, Кэтириинэ эбэбит ыччаттара олус киэҥ сиринэн тарҕаммыттар. Сорохтору кытта кыайан сибээстэспэтибит.
Оттон оскуолабытыгар киниттэн удьуордаах 12 оҕо үөрэнэ сылдьабыт. Кинилэртэн маннык өбүгэлээхтэрин туһунан билэллэрин ду, суоҕун ду ыйыталастым. Ыйытыктарым маннык ис хоһоонноохтор:
-
Тимир Кэтириинэ диэн кимин билэҕин дуо? -
Кинини тоҕо итинник ааттаабыттара буолуой? -
Эн өбүгэлэриҥ туһунан өссө элбэҕи билиэххин баҕараҕын дуо?
Эппиэттэр маннык буолан таҕыстылар:
11 киһиттэн бастакы ыйытыыга 9-һа билбэттэр эбит. Иккис ыйытыыга эмиэ бары билбэппит диэн хоруйдаатылар. Оттон үһүс ыйытыыга икки оҕо билиэн баҕарбат эбит, онтон атыттар билиэхтэрин баҕаралларын туһунан суруйбуттар.
Түмүк
Былыр былыргыттан элбэх аймахтаах киэҥ аҕа, ийэ уустара өлөн-охтон биэрбэттэр.
Мин санаабар, хас биирдии киһи бэйэтин силиһин-мутугун билиэхтээх. Мин бу үлэни оҥорон кимтэн кииннээхпин, хантан хааннаахпын ийэм өттүнэн 5-ис көлүөнэ дьоммун биллим. Мин хос хос хос хос эбэм эһэм 8 оҕолоруттан 34 сиэн, 88 хос сиэн тарҕаммыт. Оттон хос хос сиэннэрин ааҕан сиппэтибит. Ону мин салгыы чинчийиэм.
Хос хос хос хос эбэбит айылҕаттан «баардаах» эбит диэн өйдөөтүм. Боростуой киһи эбитэ буоллар, тоҕус хонукка хаар анныгар сытан үлүйэн , тоҥон хаалыа этэ.
Өбүгэбит ити ураты дьоҕура кини ыччаттарыгар бэриллибитэ эмиэ дьикти дии саныыбын. Хомойуох иһин, өссө туох ураты дьиктилээҕин туһунан ханна да суруллубатах, кэпсээн-номох да хаалбатах. Мин саныахпар, итинник кыахтаах киһиэхэ өссө туох эрэ таайыллыбатах таабырына баара буолуо. Хас биирдии удьуорга ханнык баҕарар талаан, дьоҕур ситимэ баар буолар эбит, биһиэхэ өбүгэбит ураты дьоҕура симэлийбэккэ сайда-үүнэ турарыгар баҕарабын.
Мин санаабар, үлэм сыалын ситтим. «Тимир кыыс - Кэтириинэ» диэн кимин биллим, өбүгэм төһө ыччаты хаалларбытын чинчийдим. Элбэх уруулаахпын-аймахтаахпын билэн наһаа үөрдүм. Өссө да чинчийэр былааннаахпын.
Туһаныллыбыт литература:
-
Нива. Иллюстрированный журнал литературы, политики и современной жизни. № 20.С.-Петербург.1898.с.394-396. -
Васильева А.А. Сырдык ааккар сүгүрүйэн.Якутск. 2018. -
Батюшкин В.Д.,Винокуров Ю.А. Халыма I Хаҥалаһа.I чааһа.Дьокуускай.2017. -
Ефимов В.И. Өтөхпүт сэргэтин кэпсээнэ. “Халыма долгуннара” №20,2012с. -
“Наше время” №11,2013г. -
“Халыма долгуннара” №61,2013г.
Сыһыарыылар