Файл: Быаарыы сурук рэх биридимиэтин йдблэ.docx

ВУЗ: Не указан

Категория: Не указан

Дисциплина: Не указана

Добавлен: 03.12.2023

Просмотров: 69

Скачиваний: 1

ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.


Бөлөххө сатаан кэпсэтэр, дьүүллэһиигэ кыттар, бэйэтин санаатын холкутук сааһылаан итэҕэтэр гына этэ үөрэнэр.

Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар.

Атыттары тулуйан истэр.

Ыйытыыга, сорудахха санаатын сааһылаан чопчу этэр; саҥарарыгар санаа ситимин кэтэнэр, кэспэт; паараҕа үлэлии үөрэнэр.

Учуутал уонна табаарыстар ыйытыыларыгар сиэрдээхтик эппиэттиир, бэйэ санаатын этэригэр кэпсэтиһии сиэрин тутуһар.

Сөпкө дорооболоһор, бараһаайдаһар, махтанар.

Атын дьон саҥатын болҕойон истэр, өйдүү сатыыр.

Бэйэ санаатын толору этинэр. Сурукка түһэрэр.

Искэ, таска үөрэх кинигэтин тиэкистэрин, ону таһынан уус-уран, научнай-популярнай кинигэлэри ааҕар, туох этиллибитин өйдүүр.

Үөскээбит кыһалҕаны паараҕа, бөлөххө тэҥҥэ быһаарсар.

Тугу саныырын араас өттүттэн үчүгэйдик ырытар, атын киһи санаатын өйдүүр.

Бөлөх үлэтигэр кыттыһар, оруоллары үллэстэр, бэйэ икки ардыгар быһаарсар.

Кэлин туох буолуон сөбүн сабаҕалыыр.

Кэпсэтиһиигэ дьон өйдөспөт түгэнин сөпкө быһаарар, сыаналыыр, араас мөккүөрдээх түгэнтэн сатаан тахсар кыаҕы ырытар.

Бу сатабыллары уруокка оонньуу нөҥүө иҥэриллэр. Оонньууга ханнык баҕарар оҕо аһыллар, саныырын сайа этэр, тылын эрчийэр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

Тиэкиһи искэ, таска, ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан санаатын этэр.

Сорудаҕы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньмаларын баһылыыр.

Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.

Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.

Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар.

Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар.

Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ

Кыра кылаастарга үөрэнээччи дорҕоону, сүһүөҕү, тыл састаабын, саҥа чаастарын, этии чилиэннэрин, тэнийбэтэх, тэнийбит этиилэри, этии чилиэннэрин булар, араарар, көһөрөр, дорҕоонунан ырытар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар.


Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсиир, кэпсэтиһиигэ кыттар. Ылбыт билиитин туһунан бэйэтигэр сөптөөх сыанабыл оҥорор.

Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ төрөөбүт тыл төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларыгар (бодоруһуу, култуура, айымньылаах үлэ уо.д.а) икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдүүр.

Үөрэтии ис хоһооно

Истии.

- Кэпсэтиигэ сиэр-майгы нуорматын тутуһан, кэпсэтэр киһи саҥатын болҕойон истии. Ыйытыыга сатаан хоруйдааһын, сыалтан саҥаны хайдах этиллибитин сааһылаан быһаарыы; саҥа соругун өйдөөһүн.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Бодоруһуу сиэрэ.

- Кэпсэтии сиэринэн уратыларын кытта билсии, саҥа култууратын, бодоруһуу сиэрин тутуһуу.

- Тугу этэрин эрдэ былааннааһын (хайдах саҕалыыры, тугу этэри, тугунан түмүктүүрү), санааны толору этии.

- Этэр санаа сыалыгар сөп түбэһэр тылы-өһү булуу.

- Ойуунан эбэтэр бэриллибит тиэмэҕэ ситимнээх саҥа, кэпсэтии сиэрин тутуһан кылгас кэпсээни оҥоруу.

- Диалокка кэпсэтээччилэр санаа атастаһыыларын өйдөөһүн.

-Сэһэргэһэр киһини болҕойон истии, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдөөһүн, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллыы, дакаастааһын, сөптөөх тэтиминэн саҥарыы, кэпсэтиһиини сиэрдээхтик түмүктээһин.

- Диалог уратытынан кэпсэтии сыалын билии, ыйытыыны уонна хоруйу толкуйдааһын, кэпсэтэр киһинм сөпкө туттан-хаптан истии, кэпсэтиини ыйытыы уонна реплика көмөтүнэн көҕүлээһин.

- Монолог – саҥа биир ураты көрүҥэ. Бэриллибит тиэмэҕэ эбэтэр ыйытыыга олоҕуран, сүрүн санааны быһааран дьоҕус этиини саҥарар үөрүйэх. Истээччи төһө билэрин учуоттаан туран тириэрдии.

- Бэйэ уопутугар олоҕуран, бэриллибит тиэмэҕэ бэйэ санаатын этии.

Ааҕыы

- Тылы, этиини бүтүн тылынан таба өйдөөн, сөп тэтимнээхтик ааҕыы.

- Бодҕомтолоохтук ааҕыы, санааны сааһылаан, толкуйдаансаҥарыы, тылынан уонна суругунан морудаҕы толоруу.

- Тиэкиһи хоһоонноохтук ааҕыы, таба саҥарыы.

- Сурук бэлиэтин көрөн, интэнээссийэ нуорматын тутуһан ааҕыы.

- Таска ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыыга көһүү.

- Аахпыт тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, быһаарыы.

- Сорудахтаах ааҕыыга болҕойон ааҕыы, этиллибити булуу, дакаастааһын, итэҕэтэр гына кэпсээһин.

- Ааҕыы араас өрүҥүн (үөрэтэр, сорудахтаах, талар, билсэр уо.д.а) туһанан. Үөрэтэр уонна научнай-биллэрэр тиэкистэн информацияны була үөрэнии.



Сурук. Суругунан саҥа сиэрэ

- Буукуба элэмиэннэрин таба сөпкө холбоон, тылы ыраастык суруйуу.

- Тылы, тиэкиһи көрөн, истэн таба суруйуу.

- Тылы быраабыланы туһанан сөпкө көһөрүү.

- Тиэкиһи көрөн, истэн, аахпыттан таба суруйуу.

- Бэриллибит тиэмэни ситэрэн, өйтөн суруйуу.

- Саҥа этиини улахан буукубанан, бүтүүтүгэр сурук бэлиэтин сөпкө туруоруу..

- Суругунан саҥа нуорматын тутуһан тиэмэҕэ олоҕуруу, сөп түбэһиннэрии.

- Суругунан саҥаҕа тыл ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын туттуу (синиэньим, онтуоньум, тэҥнээһин).

- Суругунан тиэкиһи бэрэбиэркэлэнии уонна көннөрүү.

- Бэриллибит тиэмэҕэ кылгас өйтөн дьоҕус кэпсээн суруйуу.

Дорҕоон уонна таба саҥарыы

- Үөрэтии сүрүн соруктара: чуолкайдык саҥарыы, искэ, таска ааҕыы, суруйуу. Тыл дорҕооннорун арааран истии.

- Араас эрчиллии көмөтүнэн истэр уонна тыынар уорганнар үлэлэрин быһаарыы. Сөпкө тыыннаран чуолкайдык, улаханнык саҥарыы.

- Дорҕоон арааһын истэн араара, кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору тэҥнээһин, тылы фишканан көрдөрүү, фишка исхиэмэтигэр тыллары булуу.

- Тылы дорҕоон уонна буукуба састаабынан ырытыы.

- Уһун аһаҕас дорҕооннору, хоһуласпыт уонна сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору кылгас аһаҕас дорҕооннортон арааран истии, таба суруйуу.

- Аһаҕас дорҕоон ураты көрүҥэ – дьуптуоннары араарыы, таба суруйуу.

- Маарыннаһар. Кылгас. Уһун аһаҕач дорҕооннору арааран истии, чуолкайдык саҥарыы.

Тыл

- Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта. Сыһыарыы көмөтүнэн атын суолталаах тыл үөскээһинэ, тыл этиигэ атын тала кытта сыһыапыы көмөтүнэн ситимнэһэрэ.

- Сүһүөх. Сүһүөх арааһа. Тыл сүһүөҕэ. Тылы көһөрүү.

- Сыһыарыы суолтата.

- Саҥа часстара: «биридимиэт аата», «биридимиэт бэлитэ», «биридимиэт тугу гынара».

- «Аат тыл», «даҕааһын аат», «туохтуур» диэн грамматическай терминнэр.

- Тыл ханнык саҥа чааһа буоларын лексическэй өйдөбүлүн уонна ханннык ыйытыыга эппиэттиирин быһаарыы.

- Таба суруйуу быраабылалара.

Этии

- Этии көрүҥнэрэ. Этии чилиэннэрэ: этии тутаах чилиэннэрэ. Этиигэ тыллар пааранан ситимнэһиилэрэ (тыл ситимэ);

- Сэһэн. Соруйуу, ыйытыы, күүһүрдүү этиилэр.

- Этиигэ интэнээссийэ оруола.

- Сурук бэлиэтэ.

- Тыл көстүүлэрин быһаарыы, санаатын итэҕэтиилээхтик дакаастааһын.

- Тыллары тэҥнээн уонна утарыта бөлөхтөөһүн.

- «Этии чилиэнэ», «Саҥа чааһа» өйдөбүллэр.

- Араас тиэкиһи устуу, дьыктаан көрүҥнэрэ.


- Бииргэ үөрэнэр доҕорун уонна бэйэ алҕаһын булуу.

- Ыраастык суруйуу

- Көнөтүк олорон, тэтэрээти сөпкө ууран, уруучуканы табатык тутан ыраастык суруйуу. Буукубалар элэмиэннэрэ, ситимнэрэ.

- Сыыһаны көннөрүү. Каллиграфияҕа эрчийии.

Саҥаны сайыннарыы

Тылы байытыы. Тыл лексическэй суолтата: синиэньими, онтуоньуму, омуоньуму өйдөтүү.

Тыл ситимигэр дьарыктааһын. Тыл суолтата тыл ситимигэр, этиигэ туттуллуута. Тыл ситимин оҥоро үөрэнии. Лексическэй суолтаны тыл ситимигэр киллэрэн өйдөтүү.

Этиини кытта үлэ. Этии араас көрүҥнэрин (тиэкиһи этиилэргэ араарыы. Ыһыллыбыт этиини сааһылааһын, этиини ыйытыыларынан тэнитии, сиппэтэх этиини ситэрии, сатаан оҥоһуллубатах этиини көннөрүү, маарыннаһар тыллартан этиигэ сөптөөҕүн талыы), оҥоруу. Ситимнээх саҥаны (тылынан, суругунан) сайыннарыы. Санааны чуолкайдык этии. Аахпыттан уонна өйтөн суруйуу. Араас сыһыаны (үөрүүнү, хомойууну, сөҕүүнү уо.д.а) биэрэр этиилэри оҥоруу, табатык интэнээссийэлээн саҥарыы. Кэпсээн былаанын оҥоруу. Өйтөн кэпсээһин. Айан суруйуу.


Ситимнээх саҥаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн сана), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былааны оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи) ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).

Үөрэх дьылын бүтүүтэ үөрэнээччигэ ирдэбил:

саха тылын дорҕооннорун арааһын билэр;

тылы табатык сүһүөхтүүр

- тыл сүһүөхтэрин уонна дорҕооннорун ырытар;

предмет аатын, бэлиэтин, тугу гынарын көрдөрөр тыллары ыйытыы көмөтүнэн быһаарар;

кэпсиир, ыйытар, соруйар күүһүрдэр этиилэри сөпкө интонациялаан саҥарар, быһаарар;

этии тутаах чилиэннэрин бэлиэтиир, дакаастыыр;

- аахпыттан суруйар буолуохтаах.

Үѳрэх биридимиэтин материальнай – техническэй хааччыйыы.




Материальнай – техническэй тэриллэр

Хос быһаарыы



Саха начальнай оскуолатын 1 – 4 кылаастарыгар аналлаах « Тѳрѳѳбүт тыл» үѳрэх биридимиэтигэр учебнай методическай кэмпилиэк:


«Тѳрѳѳбүт тыл» биридимиэтин учуобунньуктара федеральнай, региональнай үѳрэх кинигэлэрин испииһэгэр киирбит учуобунньуктар




-Тѳрѳѳбүт тылы 1 – 4 кылаастарга үѳрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.




- «Тѳрѳѳбүт тыл» биридимиэти 1- 4 кылаастарга үѳрэтэр учуобунньуктар.




- «Тѳрѳѳбүт тыл» биридимиэти 1- 4 кылаастарга үѳрэтиигэ эбии үѳрэх босуобуйалара.




- «Тѳрѳѳбүт тыл уонна литература», « Бастакы үктэл» научнай – методическай сурунааллар.




Дидактическэй пособие







- Уус – уран кинигэлэр







Тылдьыттар




2

Үѳрэх цифровой ресурсалара







- Араас уруоктарга презентациялар.




3

Үөрэх техническэй хааччыллыыта:

1. Ноутбук

2. Проектор

3. Интерактивнай дуоска