Файл: Быаарыы сурук рэх биридимиэтин йдблэ.docx

ВУЗ: Не указан

Категория: Не указан

Дисциплина: Не указана

Добавлен: 03.12.2023

Просмотров: 70

Скачиваний: 1

ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.


Тиэмэнэн былаан



Кэпсэтэр уонна суруйар тиэмэлэр барыллара

Ытык өйдөбүллэр


Тиэмэ сүрүн ис хоһооно


Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Күнэ, ыйа


2 кылаас (102 чаас)

бы-лаан

буол-бут

күнэ

Маҥнайгы кылаас матырыйаалын хатылааһын

Аһаҕас дорҕооннор уонна буукубалар




Ытык өйдөбүллэр

Үөрэтии ис хоһооно

Үөрэнээччи үлэтэ

1



Үөрэх баар – бараммат баай.
Киһи дьоло – үлэҕэ.
Өйдөөн истэргэ үөрэниэҥ –

өйгүн-санааҕын хаҥатыаҥ.
Сатаан истэн сабаҕалыаҥ – сатаабаккын да сатыаҥ.

Маҥнайгы кылааска үөрэтиллибити хатылааһын

Өйдүүр. Бодоруһуукиһи олоҕор оруолун.

Араарар. Саха тылыгар аһаҕас дорҕооннору тыл хамсыырынан көрөн илин уонна кэлин диэн араарар.

Истэр. Дорҕооннору (кылгас уонна уһун аһаҕас), дьуптуоннары уһун аһаҕас дорҕоонтон арааран.

Бэрэбиэркэлэнэр. Тэтэрээккэ үлэлээбитин бэрэбиэркэлэнэр. Ситиһиитин сөптөөхтүк сыаналанар.

Билэр. Аһаҕас дорҕоон араастарын. Ханныктарын. Хастарын. Биир тылга наар илин эбэтэр наар кэлин аһаҕас дорҕоон буоларын. Тыллар ханнык аһаҕас дорҕоонтон туралларын.

Сатыыр. Сыыһаныбулар, көннөрөр. Тыл суолтатын тылдьыттан булар. Тылдьыты сатаан туһанар. Кэрэтик суруйар. Бэйэтин сөпкө сыаналанар. Суруйар. Сурук быраабылатын тутуһар. Суругунан үлэҕэ болҕойон истэр, сөпкө суруйар. Сыыһатын көннөрөр. Дорҕоону бэлиэтээбэт буукубалаах тыллары булар.

04.09




2

Хатылааһын. Дорҕооннор уонна буукубалар

06.09




3

Үөрэх кинигэтин кытта билсиһии

07.09




4

Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.

11.09




5

Аһаҕас дорҕооннор.

13.09




6

Аһаҕас дорҕооннор: илин, кэлин

14.09




7

Аахпыттан дьыктаан. Күһүн.

18.09




8

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы

20.09




9

Суругунан үлэ. Устуу. Сылгыһыт үлэтэ.

21.09




10

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

25.09




11

Айар уруок. Сиэрдээх быһыы. Сиэрдээх кэпсэтии.

27.09




Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар

12



Уу тэстибэт доҕордуулар.
Былыргы киһи ынаҕынан баай,

аныгы киһи үөрэҕинэн баай.

Бүтэй дорҕооннор


Өйдүүр. Паараласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары суруйарга сэрэхтээх буолары.
Билэр. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоон диэн тылга икки тус-туспа бүтэй дорҕоон кэккэлэһэрин. Тылы көһөрүүгэ икки аҥыы арахсарын. Сэргэспит бүтэй дорҕоон тыл ортотугар турарын. Сэргэстэһии тылга хас да буолуон сөбүн.

Хоһуласпыт бүтэй дорҕоон диэн икки атылыы (тэҥ) бүтэй дорҕоон кэккэлэһэ туруутун. Хоһулаһар бүтэй дорҕооннор сурукка икки буукубанан бэлиэтэнэллэрин уонна сүһүөххэ икки аҥыы арахсалларын.

Хоһуласпыт бүтэй дорҕоон тылга ханан турарын. 11 бүтэй дорҕоон пааралаһарын.

Хоһуласпат бүтэй дорҕооннор[г], [ҕ], [дь], [һ] буолалларын.

Быһаарар. Тыастан уонна куоластан үөскүүр дорҕооннор ньиргиэрдээх. Оттон аҥаардас тыастан үөскүүр дорҕооннор ньиргиэрэ суох дорҕооннор дэнэллэрин. Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕоон туох көмөтүнэн үөскүүрүн.

Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону хайдах билэри

Сатыыр. Пааралаһар бүтэй дорҕоонноох тыллары таба суруйары

28.09




13

Бүтэй дорҕооннор буукубалара

02.10




14

Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор

04.10




15

Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор

05.10




16

Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор

09.10




17

Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннор

11.10




18

Ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор

12.10




19

Аахпыттан суруйуу. Куобахчаан

16.10




20

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы

21

Суругунан үлэ.

22

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

23

Айар уруок.

Сүһүөх. Сүһүөх арааһа

24


Алҕаһыыртан куттаныма, алҕаскыттан өрүү үөрэн

Сүһүөх

Билэр. Сүһүөх араастарын. Тыл сүһүөххэ хайдах арахсарын. Сүһүөх хайдах үөскүүрүн. Тылы көһөрүү быраабылытан. Тыл хас аһаҕас дорҕоонноох да соччо сүһүөхтээх буоларын. Аһаҕас сүһүөх устуруокаҕа соҕотоҕун хаалбатын уонна көспөтүн. Аһаҕас уонна төттөрү сүһүөхтэр тылга ханан туралларын

Сатыыр. Аһаҕас дорҕооннорунан сүһүөх ахсаанын ааҕар. Тылы сөпкө сүһүөххэ араарар. Сүһүөхтэри холбоон тыл таһаарар. Көһөрүү быраабылатын тутуһан тылы сөпкө көһөрөр. Тылы сөпкө суруйар. Тыл устуруокаҕа баппатаҕына, сорҕотун атын строкаҕа көһөрөр. Тылы сүһүөхтэнэр сиринэн көһөрөр.

Суруйар. Быраабыланы тутуһан тылы сөпкө көһөрөр.

26.10




25

Сүһүөх арааһа

06.11




26

Тылы көһөрүү

08.11




27

Араастык этиллэр тыллар

09.11




28

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы

13.11





29

Суругунан үлэ.

15.11




30

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

16.11




31

Айар үлэ. Отонньуттар

20.11




Нуучча тылын дорҕоонноро уонна буукубалара

32

Ким баай дууһалаах – ол бараммат баайдаах!

Нууччалыы суруллар тыллар

Өйдүүр.Киирии тылларга ньиргиэрдээх [в],[з],[ж] дорҕооннор тыл ортотугар уонна кэннитигэр ньиргиэрэ суох буолан иһиллэрин - [ф],[с],[ш].

Я, е, ё, ю – бүтэй дорҕоон сымнаҕаһын бэлиэтиир буукубалар буолалларын.

Нууччалыы суруллар тылларга куруутун сымнаҕастык этиллэр ч, щ бүтэй дорҕоону бэлиэтиир буукубалар баалларын.

Нууччалыы суруллар тылларга куруутун кытаанахтык этиллэр бүтэй дорҕооннору бэлиэтиир ж, ш,ц буукубалар бааларын. Нууччалыы суруллар тылларга ь (сымнатар бэлиэ) уонна ъ (кытаатыннарыы бэлиэ) диэн дорҕоону бэлиэтээбэт буукубалар баалларын.

Араарар. Нуучча тылын дорҕооннорун таба саҥарар, арааран истэр.

Сатыыр. Нуучча тылын буукубалардаах тыллары булар. Нууччалыы суруллар тыллары таба суруйар.

Суруйар. Нууччалыы суруллар тылларга тыл саҕаланыытыгар уонна аһаҕас дорҕоон кэнниттэн [йа],[йэ],[йо],[йу] иһиллэр буоллахтарына я, е, ё, ю буукубалары суруйар.

Сымнаҕастык этиллэр бүтэй дорҕооннор буукубаларын кэнниттэн я, е, ё, ю и, ь буукубалары суруйар.

Нууччалыы суруллар тыллары булар.

22.11




33

Я, ю, е, ё буукубалар

23.11




34

Нууччалыы суруллар тыллар

27.11




35

Нууччалыы суруллар тылларга в-ф, з-с, ж-ш буукубалар

29.11




36

Нууччалыы суруллар тылларга ч, щ буукубалар

30.11




37

Нууччалыы суруллар тылларга ж, ш, ц буукубалар

04.12




38

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы

06.12




39

Хонтуруолунай үлэ.

07.12




40

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

11.12




41

Айар үлэ

13.12




Тыл. Саҥа чааһа ( чаас)







42


Төрөөбүт тыл –

күндү кылаат

Тыл.

Өйдүүр. Нуучча тыла – Арассыыйа судаарыстыбаннай тыла диэн.

Истэр. Араастаан этиллэр тыллары кытта билсиһии.

Араарар. Төрөөбүт тыл, нуучча тыла, омук тыла диэн. Тыл арааһын, тыллар бөлөхтөрүн.

Сатыыр. Тыл ис хо:оонугар болҕомтолоох буолары. Тылы истэн, саҥаран. Көрөн таба суруйары

Билэр. Тыл уларыйбат чааһа олоҕо, уларыйар чааһа сыһыарыыта буоларын. Тыллар тугу бэлиэтииллэринэн бөлөххө арахсалларын. Хас биирдии тыл тус-туһунан суолталаах буолалларын: биридимиэти ааттыыр, биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр, биридимиэт тугу гынарын көрдөрөр диэн. Биридимиэт аатын көрдөрөр тыллар Ким? Туох? диэн ыйытыыларга хоруйдуулларын. Сахалыы Ким? диэн киһи эрэ туһунан ыйыталларын.

Араарар. Биридимиэт аата икки араастаах (анал аат, уопсай аат) буоларын. Анал аакка киһи аата. Арспаанньата, сир-дойду, куорат, дэриэбинэ ааттара, дьиэ сүөһүтүн, кыылын ааттара киирэрин.

Түмэр, холбуур. Сороҕор икки тыл холбоһон биир өйдөбүлгэ туттулларын. Маннык тыллар паараласпыт тыллар диэн ааттаналларын. Биридимиэти ааттыыр сорох тыллар биир суолтаҕатуттуллалларын. Сорох тылларга утары суолталаах тыллар баар буолалларын.

Сатыыр. Паараласпыт, маарыннаһар, утарыта суолталаах тыллары булар, араарар, туттар. Анал ааты улахан буукубаттан, уопсай ааты кыра буукубаттан суруйар. Паараласпыт тыл бэлиэтин таба туруорар. Тылы дорҕоонунан ырытары. Паараласпыт, маарыннаһар, утарыта суолталаах тыллары булар. Араарар, туттар.

14.12
15.12
20.12

27.12
28.12
15.01
17.01
18.01
22.01
21.12
25.12

24.01



43

Ким? Туох? диэн ыйытыыга эппиэттиир тыллар


44

Тыллары наардааһын


45

Тыл олоҕо, сыһыарыыта


46

Анал ааттар



47

Уопсай ааттар


48



Бэйэҥ хайдаххын да,

доҕоруҥ оннук

Билиигин бэрэбиэркэлэн


49

Истэн дьыктаан


50

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы


51

Суругунан үлэ.


52

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

53

Айар уруок.

Ханнык? Хайдах?

54


Сүгэ кыайбатын сүбэ кыайар. Киһи үөрүүтүн үллэстии – сайдам киһи бэлиэтэ.

Биридимиэт бэлиэтин кѳрдѳрѳр тыллар

Билэр. Хайааһыны көрдөрөр тыл Ханнык? Хайдах? Диэн ыйытыыларга хоруйдуурун.

Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр тыллар өҥү, кээмэйи, бы6ыыны, амтаны. Хаачыстыбаны, туох матырыйаалтан оҥоһуллубутун ыйалларын. Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр тыллары сороҕор маарынныыр суолталаах атын тылынан солбуйуохха сөбүн. Холобура. Үрүҥ – маҥан. Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр сорох тылларга утары суолталаах тыллар баар буолалларын.

Сатыыр. Тылы таба уларытар. Тылы сөпкө саҥарар. Тылы тылдьыттан булар. Дьону кытта эйэҕэстик кэпсэтэр, үтүө тыллары туттар.

Суруйар. Анал ааты (киһи аата, араспаанньата, сир-дойду, куорат. Дэриэбинэ ааттара, дьиэ сүөһүтүн. кыылын) улахан буукубаттан, уопсай ааты кыра буукубаттан суруйар.

Паараласпыт тыллары сурукка дэпииһинэн бэлиэтиир.

Ырытар. Тылы дорҕоонунан.

25.01




55

Биридимиэт бэлиэтин кѳрдѳрѳр тыллар

29.01




56

Төлөппүөнүнэн кэпсэтии былаабылата

31.01




57

Биир биридимиэт араас бэлиэтэ

01.02




58

Маарыннаһар суолталаах тыллар

05.02




59

Утарыта суолталаах тыллар

07.02




60

Билиини бэрэбиэркэлэнии, ситиһиини сыаналаныы

08.02




Тугу гынар? Хайыыр?

61


Сэргээччи болҕомтолоох, сэҥээрэр, сэргиир, аралдьыйбакка, чуумпутук, тулуурдаахтык истэр.

Биридимиэт тугу гынарын кѳрдѳрѳр тыллар


Билэр. Хайааһыны көрдөрөр тыллар ханнык түгэҥҥэ элбэх ахсааҥҥа суруллалларын. Биридимиэт тугу гынара билигин, ааспыт, кэлэр бириэмэни көрдөрөрүн. Биридимиэт тугу гынарын бэлиэтиир тылларга маарынныыр суолталаах, утары суолталаах уонна саҥарыллаллара биир эрээри суолтата атын тыллар баалларын. Ханнык тыллар хайааһыны көрдөрөр тыллар диэн ааттаналларын. Тыл хайдах уларыйарын. Хайааһыны көрдөрөр тыллар ыйтыыларын.

Быһаарар. Этиилэри ааҕан баран туох уратылаахтарын быһаарар.

Араарар. Ойуулары көрөн сорудаҕы толорор. Ыйытыыларга таба хоруйдаан, этиилэри суруйар.

Бэлиэтэммит тыл суолтатын тылдьыттан булар. Этиилэри кэминэн уларытан суруйар.

Хайааһыны көрдөрөр тыллары ахсаанынан уларытар.

Кэпсиир. Ыйытыы көмөтүнэн, ойууга олоҕуран, хартыынанан, бэйэ олоҕуттан, көрбүттэн-билбиттэн кэпсээн оҥорор.

12.02




62

Биридимиэт тугу гынарын кѳрдѳрѳр тыл элбэх ахсааҥҥа уларыйыыта

14.02




63

Биридимиэт тугу гынарын кѳрдѳрѳр тыл элбэх бириэмэнэн уларыйыыта

15.02




64

Маарыннаһар уонна утарыта суолталаах тыллар

65

Билиини бэрэбиэркэлэн

66

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

67

Айар уруок.

68

Хонтуруолунай уруок

Этии

69




Этии

Өйдүүр.Тыллар ситимнэһэн этиини үөскэтэллэрин. Этии бүтүүтүгэр куолаһы намтатары уонна кыра тохтобулу оҥорору.

Билэр. Этии араастарын. Этиини сөпкө оҥорор. Этиини тэнитэр. Тылы дорҕоонунан ырытар. Тыл олоҕун, сыһыарыытын бэлиэтиир. Тыллар ситимнэһэн этии буолалларын, киһи саҥата этиилэртэн турарын. Этиигэ ким эбэтэр туох эмэ туһунан этиллэрин. Ону көрдөрөр тыл этии бастакы тутаах тыла буоларын. Ким? Туох? диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Биир сурааһынынан бэлиэтэнэрин. Ким эбэтэр туох тугу гынарын көрдөрөр тыл этии иккис тутаах тыла буоларын. Тугу гынар? Хайыыр? Диэн ыйытыыларга хоруйдуурун, икки сурааһынынан бэлиэтэнэрин. Этии тутаах тыллара ханныктарын, хайдах бэлиэтиири. Этиигэ тутаах тыллартан ураты атын тыл баар буоллаҕына тэнийбит этии дэнэрин. Ыйыттахха ыйытыы этии , оттон ыйытыыга эппиэттээһин сэһэн этии буоларын. Этии хас араастааҕын, туох арытылааҕын. Этии кѳрүҥнэринэн тэнийбит, тэнийбэтэх диэн билэр.

Суруйар. Этиини таба суруйар, кѳннѳрѳр, тупсарар. Ыһыллыбыт этиилэри сааһылаан,этии оҥорор. Тиэкиһи этиилэргэ араарар.

01.03




70

Этии тутаах чилиэннэрэ

05.03




71

Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии

07.03




72

Ыйытыы уонна сэһэн этии

12.03




73

Соруйар уонна күүһүрдүү этиилэр


14.03




74

Бэрэбиэркэлиир үлэ

15.03




75

Айар дьыктаан. Тыллары туһанан кэпсээн суруйуу

19.03




76

Суругунан үлэ.

21.03




77

Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын

22.03




Тиэкис

77

Самаан сайын. Самаан сайын. Сирэм күөх ситтэ, ситтэ…

Атын киһи саҥарарын

Алҕас да быһа түһүмэ,

Санаатын сырдык ситимин

Салаҥнык быһа этимэ.


Тиэкис. Тиэкис бэлиэтэ: бүтүн, сибээстээх, түмүктээх.

Истэр. Ситимнээх саҥаны болҕойон истэр.

Билэр. Икки эбэтэр хас да ис хоһооннорунан ситимнээх этии тиэкис дэнэрин. Тиэкис бүтүн, сибээстээх, түмүктээх, тиэмэлээх, ааттаах буоларын. Тиэкис чаастарын: саҕаланыыта, сүрүн чааһа, түмүгэ диэн.

Быһаарар. Тиэкис хас этиилэҕин. Этиилэргэ тутаах тыллары булар, ис хоһоонунан тиэмэтин быһаарар.

Араарар. Тыллар бөлөхтөрө уонна тиэкис диэн. Тиэкиһи чаастарга араарар, ааттыыр.

Суруйар. Аахпыттан суруйуу бастакы сатабылларын иҥэринэр. Оҥорбут кэпсээҥҥэ олоҕуран сибээстээх этиилэри өйтөн суруйар.

Кэпсиир. Аахпыт тиэкискэ туох туһунан этиллэрин, ойуу ис хоһоонун ырытар. Хартыынанан кыра кэпсээн оҥорор.

Саҥарар. Чобуотук кэпсэтэр. Кэпсэтиини саҕалыыр уонна махтаммытын биллэрэн иһирэх тыллары туттар.

Сатыыр. Этиилэри сааһылаан тиэкис оҥорор. Бэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан булар. Ыйытыыга кылгастык уонна толору эппиэттир.







78


Тиэкис тиэмэтэ, аата.








79


Тиэкис чаастара: киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ.








80


Ойууну туһанан тылынан уонна суругунан кэпсээн оҥоруу.







Сыл түмүгүнэн хатылааһын

81


Биири биэстэ этэ турдаххына –

Бэл диэтэр, биэбэкээм,

Сытыы да тылыҥ

Сымнаан хаалыа буоллаҕа

Сыл устата тугу үѳрэтэн биллиҥ, бэрэбиэркэлэн



Билэр. Саха тылын дорҕооннорун арааһын уонна буукубаларын. Тылы сүһүөхтүүр уонна көһөрүү быраабылаларын.


Сатыыр. Тылы сүһүөҕүнэн уонна дорҕоонун састаабынан ырытар. Тылы табатык көһөрөр. Уһун аһаҕас дорҕоону кылгас аһаҕас дорҕоонтон арааран истэр уонна суруйар. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону хоһуласпатах бүтэй дорҕоонтон арааран истэр уонна суруйар. Маарыннаһар дорҕооннору бэйэ-бэйэлэриттэн арааран истэр уонна таба суруйар. Анал аакка уонна этии саҕаланыытыгар улахан буукубаны суруйар. Этии кэннигэр туочуканы туруорар. Биридимиэт аатын, бэлиэтин, тугу гынарын көрдөрөр тыллары ыйытыы көмөтүнэн быһаарар. Кэпсиир, ыйытар, солбуйар уонна күүһүрдүүлээх этиилэри сөпкө интэнээссийэлээн саҥарар.







82

Урут үѳрэппиккин тѳһѳ ѳйдүүгүн? Хатылыыр урок







83

Хатылааһын. Дорҕоон уонна буукуба







84

Аһаҕас дорҕоон араастара







85

Бүтэй дорҕооннор







86

Хатылааһын. Сүһүөх. Сүһүөх арааһа







87

Хатылааһын. Нууччаттан киирбит дорҕооннор







88

Нууччаттан киирбит дорҕооннор







89

Ны=ууччалыы суруллар тыллар







90

Нууччалыы суруллар тыллар







91

Биридимиэт аата







92

Биридимиэт тугу гынара







93

Биоридимиэт бэлиэтэ







94

Тиэкис







95

Этии кѳрүҥнэрэ







96

Этии чилиэннэрэ







97

Аахпыттан суруйуу







98

Сыыһаҕа үлэ







99

Сыллааҕы хонтуруолунай үлэ







100

Сыыһаҕа үлэ







101

Айар үлэ. Бырайыак.







102

Викторина «Сыл устата тугу биллим?»











Кылааска суругунан үлэ кээмэйэ
Үөрэнээччи кылааска суругунан толорор үлэтэ (эрчиллиилэр, үөрэтэр диктаннар, аахпыттан, айан суруйуу, о.д.а.) кылаастан кылаас аайы улаатан, тылын ахсаана элбээн иһэр. Быһа холоон 2 кылааска нуорма маннык:


Кылааһа


Аахпыттан суруйуу


Айан суруйуу


2


40 – 60


0,5 – 1 сирэй


Диктант тиэкиһин кээмэйэ


Кылааһа


Үөрэтэр


Бэрэбиэркэлиир


2


30 - 40


30 - 35


Таба суруйуу

Кылгас, уһун аһаҕас дорҕоонноох, дифтоннаах 1-2 сүһүөхтээх тылы ырытан, таба суруйар /ат-аат, тас-таас-тыас, ытар-ыытар – ыатар/ дорҕооннноох

Чуолкайа суох иһиллэр до рҕоонноох тылы суруйар (өр-үр, үөн- иэн, кус-хос)

Судургу тутуллаах киирии тылы суруйар (ферма, елка, Нина)
Тылы байытыы, этии оҥоруу

Тылга атын тылтан ыйытыы туруорар, ыйытыыга тирэҕинэн тыл ситимин оҥорор

Тылы суолтатынаҥ наардыыр, тыл ситимин оҥорор

Уус-уран быһаарыыны, тэҥнээһини, омуннааһыны булан көрөр, өйүгэр хатыыр, туттар.

Үргүлдьү текси ис хоһоонунан этиигэ араарар. Ыһыллыбыт этиини сааһылыыр. Сиппэтэх этиини ситэрэр. Холобуру батыһан араас тутуллаах этиини оҥорор. Ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэни туруорар.

Сурук үлэтин сыаналааһын.

Үѳрэнээччи истэн суруйар үлэтин сыаналыырга маннык нуорманан салайтарыллар:

«5» сыана – орфографическай алҕаһа суох үлэҕэ.

«4» сыана – 1 – 3 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

«3» сыана – 4 – 5 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

«2» сыана – 6 – 10 орфографическай алҕастаах үлэҕэ.

«1» сыана – олус элбэх орфографическай алҕастаах үлэҕэ.


Хос быһаарыы. Куруубайа суох эрээри маарыннаһар алҕас буоллаҕына, 6 орфографическай алҕаска «3» сыана туруон сѳп. Олус марайдаах элбэх кѳннѳрүүлээх үлэ сыаната биир балынан түһэр.

Куруубай алҕаһынан ааҕыллар:

- уһун аһаҕас дорҕоону , дифтону, хоһулаһар бүтэй дорҕоону биир буукубанан бэлиэтээһин;

- буукубаны эбэтэр сүһүѳҕү кѳтүтүү;

- буукуба миэстэтин атастаһыннарыы;

- буукубаны атын буукубанан солбуйуу;

- улахан буукубаны сыыһа суруйуу;

- тылы холбуу суруйуу;

- сыыһа кѳһѳрүү, о. д.а.

Курубайа суол алҕаһынан ааҕыллар:

- ситэри чиҥэтиллэ илик араастык этиллэр сахалыы тылы уонна нууччалыы суруллар тылы сыыһа суруйуу;

- тылы сѳпкѳ суруйан иһэн ситэ суруйбакка хаалларыы;

- нѳҥүѳ строкаҕа кѳһүѳхтээх сүһүѳҕү суруйбакка хаалларыы;

-биир тылы хос – хос суруйуу.

Биир алҕаһынан ааҕыллар:

- икки кѳннѳрүү;

- сурук бэлиэтигэр икки алҕас;

- биир тылга алҕас хатыланара. Холобур, аттаах диэн тылга текскэ үстэ «атаах» диэн суруллубут буоллаҕына, биир алҕас буолар.

Алҕас буолбат:

-үѳрэтиллэ илик быраабылаҕа тахсыбыт алҕас;

- этии кэннигэр точканы умнан, саҥа этиини улахан буукубаттан суруйуу;

- этии ис хоһооно уларыйбат гына биир тылы атын тылынан солбуйуу.
Алҕаһы кѳннѳрүү, чинчийии.

Оҕо түһэрэр алҕаһын кѳннѳрүү таба суруйарга үѳрэтиигэ бэрт улахан суолталаах.

Алҕаһы маннык наардыахха сѳп:

  1. Уһун аһа­ас дорҕоону тба суруйуу.

  2. Дифтону таба суруйуу.

  3. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону таба суруйуу.

  4. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоону таба суруйуу.

  5. Нууччаттан киирбит тылы суруйуу.

  6. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону атын бүтэй дорҕоонунан солбуйуу.

  7. Кылгас аһаҕас дорҕоону атынынан солбуйуу.

  8. Кылгас аһаҕас дорҕоону кѳтүтүү.

  9. Буукуба миэстэтин атастаһыннарыы.

  10. Сүһүѳҕү кѳтүтүү.

  11. Ордук буукубаны суруйуу.

  12. Улахан буукубаны сыыһа суруйуу.

Таба суруйууга уонна граматическай сорудахха тус – туһунан сыана турар.