Файл: 2019 с. Ньурба улууун социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын тмктэрэ.rtf

ВУЗ: Не указан

Категория: Не указан

Дисциплина: Не указана

Добавлен: 23.11.2023

Просмотров: 67

Скачиваний: 1

ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.

2019 с. Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүктэрэ
Үтүі күнүнэн, убаастабыллаах салайааччылар уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ!

Үтүі күнүнэн Ньурба улууһун олохтоохторо!
2019 с. Арассыыйаҕа - Тыйаатыр, Саха сиригэр - СомоҕолоҺуу уонна Ньурба улууһугар КиҺи ис кыаҕын сайыннарыы Сылларынан биллэриллибитэ.

Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылын чэрчитинэн 240 миэстэлээх кірір саалалаах, дьоҕус уонна репетициялыыр саалалардаах, 420 міл. солк. суумалаах Ньурбатааҕы дратеатр дьиэтин тутуу саҕаламмыта. Эбийиэк 2021 с. ахсынньытыгар үлэҕэ киириэҕэ.

Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн Ньурба улууһугар маннык үлэлэр уонна тэрээһиннэр бардылар:

1. 2019 с. олунньуга улуус дьаһалтатын, нэһилиэнньэ социальнай кімүскэлин управлениетын, Үлэлээх буолуу киинин, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын уонна Биисинэс-инкубатор икки ардыгар урбааны уонна үлэлээх буолууну сайыннарарга 5 ірүттээх сібүлэһии илии баттаммыта. Бу сібүлэһиинэн социальнай хантараагынан кыаммат дьоҥҥо субсидия биэрии кірүҥүнэн (социальнай кімүскэл управлениета), онтон Үлэлээх буолуу киинигэр бэйэ дьыалатын аһыыга грант кірүҥүнэн, урбааны ійүүр Фондаҕа чэпчэтиилээх сойуомнары биэрии, муниципальнай тэриллиилэртэн сир учаастактарын уонна ИМБТ субсидияларын биэрии кірүҥнэринэн 12 киһиэхэ кімі оҥоһуллубута.

2 Ыам ыйыгар улуус дьокутааттарын Сүбэтин быһаарыытынан 2032 с. диэри Ньурба улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегията бигэргэтиллибитэ. Стратегия оҥоруутун сүрүн сыалынан ³р кэмҥэ улуус тутаах социальнай-экэнэмиичэскэй кыһалҕаларын кэлимник быһаарыы, Арассыыйа уонна ³р³спүүбүлүкэ сайдыытын кэскиллэрин кытта ситимнээн улуус сайдыытын приоритетнай бырайыактарын талыы буолбута.

3. Балаҕан ыйыгар Дьокуускайга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Феодосий Семенович Донской тіріібүтэ 100 сылыгар анаммыт үірүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Манна Чувашия Јріспүүбүлүкэтин кытта телемост ыытыллыбыта, «Были и мы – из Якутии Донской Ф.С., из Чувашии Коннов Ф.Ф.» аахсыйа саҕаламмыта.

4. Ахсынньыга урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких уонна улуустартан 200-тэн тахса киһи кыттыылаах, «Мин биисинэһим – мин кэскилим» урбаанньыттар зональнай Форумнара ыытыллыбыта. Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускайтан 200-тэн тахса киһи кыттыбыта. Планернай мунньахха Форум кыттыылаахтара дьоҕус уонна орто урбааҥҥа судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бэлиитикэ сыалларын-соруктарын дьүүллэспиттэрэ.


Ньурба улууһугар Киһи ис кыаҕын арыйар сылын чэрчитинэн маннык үлэлэр бардылар:

1. 2018 с. тыыл бэтэрээннэрин, 1 группалаах инбэлииттэри социальнай іттүнэн ійүүргэ, кинилэр олорор услуобуйаларын тупсарыыга саҕаламмыт эбии дьаҺаллар 2019 с. салҕаннылар. Улуус бүддьүітүн суотуттан 20 міл. солк. бэриллибитэ.

Матырыйаалынай кімі олохтоох дьаһалталар сайаапкаларынан, матырыйаалынай кімі бигэргэтиллибит Бэрээдэгэр сіп түбэһиннэрэн, олорор дьиэлэрэ хааччыллыы киирэригэр уонна ірімүіҥҥэ наадыйар 101 киһиэхэ тыырыллыбыта. Ол иһигэр 45 тыыл бэтэрээнигэр, 1-кы группалаах 50 инбэлииккэ, ДЦП-лаах 5 оҕоҕо уонна 1 бойобуой дьайыылар кыттыылааҕа бэтэрээҥҥэ. Үп туһаныллыыта 19 міл. 600 тыһ. солк. тэҥнэстэ (98%).

2. 2019 с. навигация кэмигэр Ньурба улууһугар СЈ Тырааныспарга министиэристибэтин кытта Дьаархан-Маалыкай хайысхатынан ірүһүнэн социальнай суолталаах дьону таһыылар оҥоһуллубаттар. "Ленатурфлот - СПК" салгын уйуктаах суудуната 88,8 рейсэни толордо (2018 с. 80 рейс этэ).

3. «Алмаасэргиэнбааны» кытта элбэх оҕолоох ыаллар оскуолаҕа үірэнэр оҕолоругар Антоновка-Ньурба-Ыраах Убайаан маршрутунан бырайыаһы 25 солк. 5 солк. диэри чэпчэтии механизмын, бырайыас сыанатын 80% толуйууну былааннаан, олоххо киллэрдибит. Быйыл ити биҺирэмнээх уопуту салҕаан, итиэннэ дьон сэҥээрбитин учуоттаан, бу чэпчэтиини хаалларыахпыт уонна категориятын кэҥэтиэхпит - Ньурба к. уонна Антоновка 7-14 саастаах оҕолоругар барытыгар бырайыас 5 солк. буолуоҕа.

4. Былырыын каадыр резервэтигэр баар 20 эдэр исписэлиис Москваҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга, Уфаҕа уо.д.а. куораттарга дойду бастыҥ преподавателлэрин салалталарынан үірэннилэр уонна стажировканы аастылар. Быйыл бу үлэни салгыахпыт, улуус уочараттаах каадырга резервэтэ үіскэтиллиэҕэ. Талааннаах ыччаттары, салайааччылары уонна эдэр исписэлиистэри буларга анан дьыалабай оонньуулар ыытыллыахтара.

2019 с. бэлиэ түгэннэринэн буоллулар:

Бэс ыйыгар Ньурба к. канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйаны тутарга концессионнай С³бүлэһии илии баттаммыта, «Ыраас дойду» национальнай бырайыакка киллэриллибитэ. Ньурбаҕа КОС тутуута уонна сыбаалка рекультивацията - Ньурба олохтоохторун үйэ аҥарын устата баҕа санаалара. Бу эбийиэк Ньурба к. кирдээх ууларын кыһалҕатын быһаарарга олус улахан суолталаах. Бырайыага оҥоһуллан, КОС оборудованиета Ньурбаҕа аҕалыллан быйыл тутуута саҕаланыаҕа уонна эһиил бүтү³ҕэ. Маны сэргэ олус сытыырхайан турар Ньурба к. сыбаалката рекультивацияланыаҕа.

«Экология»нацпроект «Ыраас дойду» бырайыагын олоххо киллэрии аныгыскы түһүмэҕинэн Ньурба улууһугар кіҥүлэ суох сыбаалка 2021 с. ыраастанан суох оҥоһуллуоҕа. Улууска уонна Ньурба к. ууну аһардыы кииннэммит систиэмэтэ суох, куоракка 90 кэриҥэ автономнай септик баар, балартан сыллата 300 тыһ. кубометр кэриҥэ кирдээх уу таһыллар. Рекультивацияҕа федеральнай бырагырааманан 767 м³л. солк. к³рүллэр.

От ыйыгар «Күндээдэ» АО «Кириэс» сайылыгар СЈ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, бухгалтердарыгар, экэнэмиистэригэр сүіһү иитиитин хаһаайыстыбаларын финансовай чэбдигирдиигэ сэминээр-сүбэ мунньаҕы ыыппыта. 15 муниципальнай тэриллииттэн уонна Дьокуускай куораттан 150-ча киһи кыттыбыта. Үірэтэр сэминээргэ сүрүн болҕомто сүіһү иитиитигэр былааннааһын, финансовай чэбдигирдии бырагыраамаларын үбүлээһин бэрээдэктэрин боппуруостарыгар, финансовай чэбдигирии былаанын кірдірүүлэрин кыбаарталлааҕы отчуотунастарын толоруу методикатыгар, сүіһү иитиитигэр бухгалтерскай учуот уратыларыгар, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин нолуоктааһын тирээн турар боппуруостарыгар, нолуокка чэпчэтиилэргэ уонна преференцияларга туһаайыллыбыта.

Сэминээр-сүбэ мунньаҕа кытта бииргэ іріспүүбүлүкэҕэ бастыҥ ыанньыксыт (автодойканан ыаһыҥҥа) куонкурус ыытыллыбыта. Күрэхтэһиигэ 12 улуустан 72 ыанньыксыт кыттыбыта. Тус бастыыр иһин кірүҥнэргэ кыайыылаахтар сыаналаах бэлэхтэринэн, хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылаахтара – дизель генератордарынан, «Минскэй» матассыыкылынан, автодойканан наҕараадаламмыттара, оттон кыайыылаах хамаанда Ньурба улууһа туруорбут анал бирииһи – УАЗ-фермер массыынаны сүүйбүтэ.

Сэтинньигэ Ньурба улууһугар «Бүлүү» федеральнай суол 756-с км-гар Марха ірүһү туоруур муоста үірүүлээхтик аһыллыбыта. Айылҕа-килиимэт ураты тыйыс усулуобуйатыгар, ирбэт тоҥҥо «Бүлүү» федеральнай суолга ірүһү туоруур муоста Марха ірүс икки кытылын холбообута уонна итинэн нэһилиэктэр икки ардыларыгар сылы эргиччи сырыы олохтонорун хааччыйбыта. Марха муостата ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тутуллубут улахан суолталаах уонна уникальнай эбийиэктэртэн биирдэстэрэ буолар. Учаастак уопсай устата 6,5 км кэриҥэ. Муостанан туорааҺын састаабыгар Марханы туоруур 560 м усталаах сүрүн муоста уонна үрэхтэри туоруур 55 уонна 34 м усталаах 2 муоста киирэллэр.


2019 с. биир улахан суолталаах түгэнинэн «Ньурбатааҕы экcпресс» волоконнай-оптическай сибээс линиятын үірүүлээхтик холбооһун буолбута. 2018 с. Ньурба улууһун дьаһалтатын уонна «Ростелеком» икки ардыгар түһэрсиллибит сібүлэһии олоххо киириитин түмүгэр, улуус бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, ол иһигэр федеральнай трассаттан тэйиччи сытар нэҺилиэнньэлээх пууннарга эмиэ, түргэн Интэриниэт киирбитэ. 2 сыл иһигэр «Ростелеком» хампаанньа сэлиэнньэлэр истэригэр барбыт үлэни аахпакка туран, 350 км тахса усталаах волоконнай-оптическай сибээс линиятын тардыбыта. ВОЛС аҺардар кыамтата - сікүүндэҕэ 10 Гбит. Телеком-инфраструктура тутуллан, 22 нэһилиэнньэлээх пуун 24 тыһ. олохтооҕо дьиэтигэр «безлимитнэй» Интэриниэти, «Интерактивнай телевидениены», араас іҥілірү уонна цифровой сервистэри холботторуон сіп. Итинэн бүтүн Дальнай Восток үрдүнэн Ньурба аҕыйах да киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннара оптиканан хааччыллан, бастакы цифровой оройуонунан буолла.

Тутуу эйгэтигэр маннык эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр:

-Антоновкаҕа 117 міл.. солк. суумалаах спорт комплекса;

-Убайааҥҥа бибилэтиэкэлээх спорт саалата;

-Ньурба к. 2016 сылтан тохтоон турбут 19 кыбартыыралаах олорор дьиэ;

-Чуукаарга 4 кыбартыыралаах, Ньурба к. 8 кыбартыыралаах, эдэр исписэлиистэргэ анаммыт дьиэлэр.

Тутуулара саҕаланна:

-федеральнай уонна іріспүүбүлүкэ үбүн суотугар Ньурба к. 280 миэстэлээх оҕо уһуйаана;

-Антоновкаҕа норуот айымньытын дьиэтэ. Быйыл Ньурба к. «Саахалланар туруктаах уонна эргэ дьиэлэртэн кіһірүү» федеральнай бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ 1-кы сыбаайата түһэрилиннэ.
2019 с. тохсунньу-сэтинньи ыйдарга улуус экэниэмикэтин сүрүн кірдірүүлэрэ

2019 с. 11 ыйыгар улууспутугар 67 млрд. 347  міл. суумалаах бородууксуйа, үлэ уонна іҥі оҥоһулунна (2018 с. тохсунньу-сэтинньи ыйдарын кытта тэҥнээтэххэ - 116,3%).

Ол иһигэр сүрүн ирээти ылаллар:

Сир анныттан туһалаах баайдары хостооһун – 64 млрд. 278,6 тыһ. солк (115,1%).

Электроэнергиянан хааччыйыы, паром үлэтэ – 1 млрд. 803 міл. 37 тыһ. солк. (207,4%).

Кууһунан уонна биирдиилээн атыы – 205 міл. 946 тыһ. солк. (155,5%).

Тыа хаҺаайыстыбата уонна ойуур хаһаайыстыбата - 107 міл. 412 тыһ. солк. (126,2%).

Үірэх эйгэтэ – 65 міл. 144,4 тыһ. солк. (107,5%).

Дьоҕус урбаанньыттары ааҕан туран, биирдиилээн атыы эргиирэ - 3 млрд. 35 міл. 551 тыһ. солк (2018 с. кытта тэҥнээтэххэ 100,1%), ортотунан 1 киһиэхэ тиксэринэн - 127 тыһ. 996 солк.


11 ый түмүгүнэн уопсастыбаннай аһылык эргиирэ - 135 міл. 920 тыһ. солк. (143,3%), ол эбэтэр 1 киһиэхэ тиксэринэн 5 тыһ. 731 солк.

Нэһилиэнньэҕэ тілібүрдээх іҥілір кээмэйдэрэ 443 міл. 825 тыһ. солк. (90%), 1 киһиэхэ тиксэринэн – 18 тыһ. 714 солк.

Дьоҕус тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар киэннэрин киллэрэн туран, 1 міл. 481,2 тыһ. туонна таһаҕас таһылынна (2018 с. туһааннаах кэминээҕэр 2,4 тігүл улаатта), таһаҕас эргиирэ - 30 міл. 950 тыһ. тонно-км (2018 с. туһааннааах кэмин кытта тэҥнээтэххэ – 112,3%).

АТП оптуобустара 568 тыһ. киһини тастылар (2018 с. таһымыттан 88,7%), ол иһигэр биир кэлим социальнай билиэттэринэн – 83 тыһ. пассажиры (2018 с. таһымыттан 82,2%). Улуус иһигэр дьону таһыыга ороскуоттарын толуйууга 6 міл. солк. субсидия бэрилиннэ (2018 с. 5,5 міл. солк. субсидия кірүллүбүтэ).
НэҺилиэнньэ, үлэлээх буолуу, олох таһыма

2019 с. алтынньы 1 к. улууска 19 муниципальнай тэриллиигэ уонна 24 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 23 716 киһи олороро, ол иһигэр Ньурба к. – 9708 уонна тыа нэһилиэктэригэр - 14008 киһи. 10 ый устата 300 киһи тірііті (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 305), 207 киһи іллі (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 176). Естественнэй үүнүү 93 киһиэхэ тэҥнэстэ (бу иннинээҕи туһааннаах кэмҥэ – 129 киһи).

2019 с. 10 ыйыгар улууска 724 киһи кэллэ (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 733 киһи), 864 киһи барда (2018 с. туһааннаах кэмигэр - 1018 киһи). Миграционнай быһыы-майгы 2018 с. улуус нэһилиэнньэтэ 285 киһинэн аҕыйаабыт буоллаҕына, ааспыт сылга 140 киһинэн кіҕүрээбитинэн уратылаах буолла.

Тірііһүнү кіҕүлүүр инниттэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри ійүүргэ «Ньурбатааҕы дьиэ кэргэн» улуустааҕы ийэ хапытаала олохтонно. 2020 с. тохснуньу 1 күнүттэн саҕалаан 4-с уонна онтон кэнники оҕо тірііһүнүн иһин 100 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан тілібүрү киллэрдибит. Улуустааҕы ийэ хапытаалыгар 2020 с. 7 міл. 500 тыһ. солк. кірүлүннэ.

2019 с. алтынньы 1 к. туругунан үлэтэ суох сылдьааччы 334 киһи (2018 с. таһымыттан 73,1%), ол иһигэр Үлэлээх буолуу киинигэр учуокка 296 киһи турар (71%). Үлэ буларга ыарахаттары кірсір үлэтэ суох дьону быстах үлэлэтиигэ муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын кытта 7 дуогабар түһэрсилиннэ, 15 киһи үлэҕэ киллэриллибитэ.

2019 с. алтынньы 1 к. улуус үрдүнэн анаммыт биэнсийэ орто кээмэйэ 19 346,9 солк. буолла (ааспыт сыл таһымыттан 105,4%).

2019 с. нэһилиэнньэ социальнай кімүскэлин управлениетынан кыаммат дьиэ кэргэттэргэ уонна кыаммат, соҕотоҕун олорор дьоҥҥо судаарыстыбаннай кімінү оҥорорго 48 социальнай хантараак түһэрсиллибитэ. Ол иһигэр 10 хантараагынан тус кімілті хаһаайыстыбаны тэрийиигэ (кэҥэтиигэ): ынах сүіһүнү уо.д.а. иитиигэ, оҕуруот астарын үүннэриигэ, тыраахтыры, косилканы уо.д.а. булунарга, 33 хантараагынан нэһилиэнньэҕэ араас іҥілірү оҥорууга (столярнай сыах, иис, хаартыскаҕа түһэрии уо.д.а. іҥіліргі).