Файл: 2019 с. Ньурба улууун социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын тмктэрэ.rtf
ВУЗ: Не указан
Категория: Не указан
Дисциплина: Не указана
Добавлен: 23.11.2023
Просмотров: 70
Скачиваний: 1
ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.
Эбии үірэхтээһин
«Оскуола таһынааҕы учреждениелар» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ олохтоох бүддьүіттэн 40 міл. 498 тыһ. солк. ыытыллыбыта. Эбии үірэхтээһининэн 2018 с. 2966 оҕо хабыллыбыта (67%), 2019 с. бу кірдірүү – 2733 оҕо (63%). Эбии үірэхтээһиҥҥэ 5 тэрилтэ, ол иһигэр 4 муниципальнай тэрилтэ: ЦДНТТ, ДЮСШ, 2 Искусство оскуолата уонна 1 судаарыстыбаннай тэрилтэ - Јріспүүбүлүкэтээҕи бокса оскуолата үлэлииллэр.
Эбии үірэхтээһин тэрилтэлэрин иитиллээччилэрэ Оҕо-аймах 10 сылыгар анаммыт 53-с іріспүүбүлүкэтээҕи научнай-техническэй бырыйыактар быыстапкаларын, «РобОТС- 2019» 7-с іріспүүбүлүкэтээҕи үірэх роботехникатын бэстибээлин курдук уо.д.а. тэрээһиннэргэ кіхтііхтүк кытыннылар, бириистээх миэстэлэри ыллылар.
Казаҥҥа «WorldSkillsKazan-2019» профессиональнай маастарыстыба аан дойдутааҕы чімпүйэнээтигэр сырытыннаран, 8 педагог уонна 7-10 кылаастартан 7 үірэнээччи профориентационнай стажировканы бардылар.
«Молодые профессионалы» (WORLDSKILLSRUSSIA) СЈ VIII Аһаҕас регионнааҕы чімпүйэнээтигэр Ньурба улууһун хамаандата мэтээлин ахсаанынан 3 миэстэҕэ тахсыбыта.
2019 с. бэс ыйыгар Оҕо научнай-техническэй айымньытын киинигэр СЈ Үірэҕин министиэристибэтин «оҕолору эбии үірэхтээһин муниципальнай тирэх киинэ» статус иҥэриллибитин бэлиэтиэххэ наада. «Цифровой үірэх эйгэтэ» федеральнай бырайыагынан 2020 с. балаҕан ыйыгар Ньурбатааҕы ЦДНТТ базатыгар «IT-cube» цифровой үірэхтээһин Киинэ аһыллыаҕа.
Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнара уонна чэддигириилэрэ
«Сайыҥҥы сынньалаҥ уонна оҕолору чэбдигирдии» хос бырагырааманан 33 міл. 321 тыһ. солк. (99,59%) кірүллүбүтэ. Ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн – 8 міл. 159 тыһ. солк. (100%), олохтоох бүддьүіттэн – 25 міл. 162 тыһ. (99,45%).
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа 41 лааҕыр үлэлээн, оҕолор 53% хабылыннылар.
Марха оскуолатын уонна ДЮСШ спортивнай лааҕырдарыгар тэриллибит усулуобуйалар оҕолорго регионнааҕы, іріспүүбүлүкэтээҕи спортивнай күрэхтэһиилэргэ үрдүк түмүктэри ситиһэллэригэр кыах биэрдилэр. Инньэ гынан эдэр спортсменнары кытыннарыыга уонна үчүгэй түмүктэри ситиһиигэ кіҕүлүүргэ үлэ утумнаахтык барар.
ЦДНТТ күнүскү «Пазл» лааҕыра оҕолор сынньалаҥнарын уонна оҕо чэбдигирдэр лааҕырдарыгар оҕолору чэбдигирдиини тэрийии бырагыраамаларын іріспүүбүлүкэтээҕи кірүү-куонкуруһугар «Инженернэй-техническай хайысхаларга уонна информационнай-коммуникационнай технологиялар эйгэлэригэр бырагыраамалар» номинацияҕа 2-с истиэпэннээх дипломант буолбута.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кірүүтэ суох сылдьыыларын уонна буруйу оҥорууларын сэрэтии
60 межведомственнай рейдэ оҥоһулунна, уустук балаһыанньалаах уонна бірүкүтэ суох олохтоох 170 ыалга сырыттылар. Социальнай кутталлаах балаһыанньалаах 10 ыал учуокка турар, 4 ыал дьиэ кэргэнигэр бьалаһыанньата тупсан учуоттан уһулунна.
Ураты психологическай-педагогическай болҕомтону эрэйэр оҕолору оскуола иһинэн учуокка аадырыстаах уонна кідьүүстээх кімінү оҥорор инниттэн, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор ортолоругар буруйу оҥоһуллуутун сэрэтиигэ биир кэлим база тэрилиннэ. 2019 с. устата КДН учуотугар 3 оҕо туруорулунна, 18 оҕо учуоттан уһулунна (2018 с. - 20). Отчуоттанар кэмҥэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара тахсыбата, бу профилактика систиэмэтин уорганнарын сэрэтэр үлэлэрин түмүгэ буолар.
Эппиэкэ уонна попечительство
Улууска баар 7876 оҕоттон тулаайах уонна тіріппүт кірүүтэ-истиитэ суох 121 оҕо баар (1,54%), онтон 26 оҕо 8 приемнай дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. 2019 с. 28 тулаайах уонна тіріппүт кірүүтэ-истиитэ суох оҕо булулунна, 2 оҕо Дьокуускайдааҕы Оҕо дьиэтигэр ыытылынна, 26 оҕо ыалларга бэрилиннэ.
2017 сылтан эппиэкэ уонна попечительство отделынан оҕолору дьиэ кэргэттэригэр тінніріргі бырагыраама ылыллыбыта. Былырыын 3 оҕолоох ийэ 8 оҕоҕо сыһыаннаан тіріппүт бырааптара чілүгэр түһэрилиннэ.
Дьиэҕэ наадыйааччылар Биир кэлим судаарыстыбаннай іріспүүбүлүкэтээҕи Реестрдэригэр учуокка 84 тулаайах оҕо турара, кинилэртэн 2019 с. 24 оҕо дьиэнэн хааччылынна.
Култуура
Сыл устата нэһилиэктэр ортолоругар «Кэрэ эйгэ чаҕыл күлүмэ» култуура-спорт бэстибээлэ ыытылынна. Кыайыылаахтарынан тахсыбыт Чаппанда уонна Акана нэһилиэктэригэр УАЗ микроавтобус ананна. 2-с миэстэлээх Октябрьскай уонна Дьаархан нэһилиэктэригэр «Синтай» дьоҕус тыраахтыр, 3-с миэстэлээх Маалыкайга уонна Малдьаҕарга буровой установка бэрилиннэ. Култуура уонна спорт тэрээһиннэрэ улуус нэҺилиэктэригэр дьону сомоҕолоотулар.
Арассыыйаҕа - Тыйаатыр, іріспүүбүлүкэҕэ – Сомоҕолоһуу, улууска – Киһи ис кыаҕын арыйар сылларга, Марха улууһа тэриллибитэ 195 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл Александр Габышев тіріібүтэ 120, Феодосий Донской тіріібүтэ 100 сылыгар ананан, улуустааҕы «Модун күүс, іркін ій, ыра сана ыҺыаҕа» ыытыллыбыта.
2019 с. култуура эйгэтигэр 203 міл. 500 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Ол иһигэр:
-улуустааҕы култуура департаменын тутан үлэлэтиигэ – 28 міл. 558 тыһ. солк.
-бибилэтиэкэ тиһигин ситимин тутан үлэлэтиигэ – 84 міл. 204 тыһ. солк.
-музейдары тутан үлэлэтиигэ - 27 міл. 308 тыһ. солк.
-искусство оскуолаларын тутан үлэлэтиигэ – 58 міл. 506 тыһ. солк.
-тэрээһиннэри ыытарга – 4 міл. 924 тыһ. солк.
2018 с. түмүгүнэн 2019 с. іріспүүбүлүкэттэн тус сыаллаах субсидиялар кэлбиттэрэ: Дьаарханнааҕы Дора Жиркова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр -108 тыһ. 695 солк., Дьаарханнааҕы Дора Жиркова аатынан норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччытыгар, Антоновкатааҕы модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэригэр – 54,3 тыһ. солк.
500-тэн аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга култуура тэрилтэлэрин матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базатын біҕіргітүүгэ субсидия куонкуруһугар кыттыы түмүгэр Үідэйдээҕи норуот айымньытын дьиэтэ «Каадыр» бырайыагын олоххо киллэрэргэ 229 тыҺ. солк. субсидия ылбыта.
Ньурбатааҕы Искусство оскуолатыгар «Култуура» нацпроегынан, «Култуура эйгэтэ» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн 5 міл. 189,6 тыһ. солк. кірүллэн, музыкальнай үнүстүрүмүін, оборудование уонна үірэх литературатын ылыыта бэлиэ түгэн уонна улахан ситиһии буолбута. Бу үбүнэн 2 рояль, пианино, домралар, балалайкалар, музыкальнай аппаратура, үірэх литературата ылыллыбыта, үірэх миэбэлэ саҥардыллыбыта.
Ыччат бэлиитикэтэ
Улуу Кыайыы күнүн кірсі «Георгиевскай лиэнтэ» уонна «Јйдібүнньүк чүмэчитэ» аахсыйалар ыытыллыбыттара. Ыам ыйын 9 к. «Двигатель жизни» кулууп уонна Кыайыы волонтердара кыттыылаах «Бэтэрээни тас» іріспүүбүлүкэҕэ соҕотох аахсыйа тэриллэр.
«Синергия Севера» іріспүүбүлүкэтээҕи ыччат үірэҕин форумугар Ньурба улууһуттан исписэлиистэр «Мы – добровольцы» хайысханан кыттыбыттара уонна «Добровольцы-спасатели» бырайыагынан 50 тыһ. солк. Грант хаһаайына буолбуттара.
Балаҕан ыйыгар Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Федосий Донской тіріібүтэ 100 сылыгар анаммыт «Дойти до Берлина! Были и мы из Якутии! Ф.Донской» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак ырытан оҥоһуллубута, сүрүннээн 2020 с. СЈ министиэристибэлэрин уонна Чувашия Јріспүүбүлүкэтин Моргаушскай оройуонун кытта бииргэ олоххо киллэриллиэҕэ.
2019 с. 18 НКО-тан 13 социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэ субсидияҕа куонкуруска кыттыбыта. Инньэ гынан НКО-лар уопсастыбааннай олоххо кыттыылара, куонкурустарга даҕаны кыттыылара лаппа күүһүрбүтэ.
Физкултуура уонна спорт
Ньурба спортсменнара сыл устата 169 күрэхтэһиигэ баран кытыннылар, улууска 47 күрэхтэһии ыытылынна. Јріспүүбүкэтээҕи тэрээһиннэр, ол иһигэр хапсаҕайга «АЛРОСА» Кубогар іріспүүбүлүкэтээҕи хамаанданан турнир үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.
Спортсменнар СЈ чімпүйэнээттэригэр уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттыыларын бэлиэтиэххэ сіп: 93 кыһыл кімүс, 60 үрүҥ кімүс уонна 79 боруонса мэтээллэри ыллылар.
СЈ норуоттарын VII Спортивнай оонньууларыгар улуус хамаандата 1-кы біліххі II миэстэни ылбыта: боксаҕа - II, фитнес-аэробикаҕа уонна пляжнай волейболга III миэстэ.
2019 с. түмүгүнэн физкултууранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанар нэһилиэнньэ уопсай нэһилиэнньэ ахсааныттан 39%-ҥа тиийдэ.
Тыа хаҺаайыстыбата
2019 с. сүіһү уонна кітір ахсааныгар былаан туолбата. 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ, ынах ахсаана 0,42% элбээбитэ кістір. Сыл устата былааннаах 5226 туонна оннугар 5300 туонна үүт тутулунна (101,4%).
Сүіһүгэ дороххой аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ былаан окко уонна сиилэскэ туолла, 2018 с. кытта тэҥнээтэххэ аһылык бары кірүҥнэрэ элбэх бэлэмнэннэ.
Чаппандаҕа уонна Маалыкайга 2 буойуна пууна тутулунна, Чаппандаҕа, Маалыкайга уонна Дьаархаҥҥа эти астыыр сыахтар үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. 400 сүіһүгэ аналлаах 2 саҥа хотон үлэҕэ киирдэ.
Улуус тыатын хаһаайыстыбатын ійібүлүгэр араас таһымнаах бүддьүіттэртэн 311 міл. 859 тыһ. солк. ананна. Ол иһигэр:
-сүіһүнү иитиини сайыннарыыга - 257 міл 654 тыһ. солк.,
-сири кытта үлэҕэ - 4 міл. 521 тыһ. солк,
-сүіһү аһылыгын оҥорууга - 15 міл. 673 тыҺ. солк.,
-сылгыны үірдээн иитиигэ - 11 міл 632 тыһ. солк.
Улуус үбүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар 96 міл. 442 тыһ. солк, ол иһигэр 130 хаһаайыстыбаҕа үүккэ 15 міл. солк. субсидия кірүлүннэ.
Сири кытта үлэҕэ улуустан 8 міл. солк. субсидия анаммыта, іріспүүбүлүкэттэн ирээттэһэн үбүлээһин - 7 міл. 673 тыһ. солк. 2-с сылын сүіһү аһылыгын бигэ базатын тэрийиигэ утумнаах үлэ барда. Араас тиэхиньикэ уонна тыа хаһаайыстыбатын оборудованиета ылылынна. 2 сыл устата «Ньурбатааҕы сүіһү аһылыгын хампаанньата» быраҕыллыбыт 800-тэн тахса гаа бааһынаны чілүгэр түһэрдэ. Билигин улуус іссі элбэх бааҺынаны туһаҕа таҺаарарга бэлэм. Элбэх сыллаах оту ыһан саҕалаатыбыт.
Хотон тутуутугар 6 міл. 200 тыһ. солк. ыытылынна. «Күндээдэ» АУо уонна «Чуукаар» СПК эбийиэктэрэ тутуллан киирдилэр.
«Тыа сирдэрэ туруктаахтык сайдыылара» федеральнай бырагырааманан «Эдэр дьиэ кэргэн, эдэр исписэлиис» хос бырагырааманан тыа сиригэр биирдиилээн олорор дьиэ квотата 19 эдэр исписэлиискэ, «Тыа сиригэр олорор дьон олорор усулуобуйатын тупсарыы» хос бырагырааманан 5 киһиэхэ квота бэрилиннэ.
Бородууксуйа сүрүн кірүҥнэрин оҥорууга сүрүн сорудахтар туолбатахтара тус кімілті хаһаайыстыбаларга сүіһү иитэр дьон аҕыйаан иһиитинэн, ынах сүіһү ахсаана, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата (эт, үүт) намтааһынынан, итиэннэ сыллата уматык-оҕунуох матырыйаалларга, сапчаастарга уонна іҥіліргі сыана үрдээн иһиитинэн быһаарыллар.
Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтии уонна туоратыы
Улууска баһаартан кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан 90 ойуур баһаара регистрацияламмыта (2018 с. - 61). 28 ойуур баһаарыгар нэһилиэктэр, Ньурбатааҕы лесничество, ГАУ “Якутлесресурс”, «Авиалесоохрана» күүстэринэн умуоруллубута. Космомониторинг дааннайынан «хонтуруол зонатыгар» баар 62 термоточкаҕа СЈ КЧС быһаарыытынан нэһилиэнньэлээх пуунарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоҕунан сибээстээн умуруоруу үлэтэ тохтотуллубута.
Улахан ойуур баһаардара Чуукаарга, Хорулаҕа уонна Күндээдэҕэ регистрацияламмыттара. Умайыы иэнэ 4681,5 гааҕа тэҥнэспитэ, итинтэн 4603,5 гаа – ойуур сирдэр уонна 78 гаа – ойуур буолбатах сирдэр. Уоту умуруорарга 286 киһи үлэлээтэ, ол иһигэр олохтоохтортон мобилизацияламмыт 286 киһи уонна 108 киһи - лесничество, ГАУ «Якутлесресурс» филиалларын, «Авиалесоохрана» Бүлүү улуустарыттан филиалларын уонна ГАУ «Якутлесресурс» баһаарынай-химическэй ыстаансыйаларын үлэһиттэрэ, итиэннэ 55 араас тиэхиньикэ.
Улуус дьаһалтатын сайаапкатынан «БЕ-200ЧС» амфибия-сімілүіт уонна ардаҕы түһэртэрэр АН-26 «Циклон» кэлэн үлэлээбиттэрэ. «БЕ-200ЧС» баһаардар кытыыларынан 12-лии туоннанан 50-на ууну кутта.
Маны сэргэ 2019 с. 28 эбийиэккэ баһаар буолбута (2018 – 25), уокка 4 киһи, ол иһигэр 1 оҕо былдьаммыта. Хоромньу кээмэйэ 7 міл. 662 тыһ. солк. тэҥнэстэ, 2018 сыллааҕар 7 тігүл улахан. Баһаардар сүрүн тірүіттэринэн буолаллар: электрооборудование оҥоһуктарын уонна электрооборудованиены туһаныы быраабылаларын кэһии, оһохтор оҥоһуктарын уонна оһохтору туһаныыга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии, тырааныспар сириэстибэлэрин механизмнара алдьаныылаах буолуулара.
Баһаар тахсар сүрүн миэстэлэринэн буолбуттара: олорор сектор (олорор дьиэлэр, гаражтар) - 13, тэрилтэлэр эбийиэктэрэ – 8, тырааныспар сириэстибэлэрэ – 3.
«Ньурба улууһа» муниципальнай оройуон ситэриилээх уоргана улуус олохтоох суолталаах боппуостарыгар сыһыаннаах бары эйгэлэринэн күүскэ үлэлиир. Бу үлэ түмүгүнэн хас биирдии нэһилиэк олохтоохторун ійібүллэринэн, муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна биисинэс-түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрин кімілірүнэн үгүс хайысхаларга бырайыактар олоххо киирдилэр. Маны таһынан улууска эдэр каадырдары олохсутан үлэлэтэр инниттэн, бары наадалаах усулуобуйалар тэриллэллэр: испиисэлиистэргэ уопсай дьиэлэр тутулуннулар