Файл: 2019 с. Ньурба улууун социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын тмктэрэ.rtf
ВУЗ: Не указан
Категория: Не указан
Дисциплина: Не указана
Добавлен: 23.11.2023
Просмотров: 68
Скачиваний: 1
ВНИМАНИЕ! Если данный файл нарушает Ваши авторские права, то обязательно сообщите нам.
Билигин бүтүн Арассыыйа үрдүнэн курдук, улууска дьон үлэлээх буолуута биир саамай сүрүн кыһалҕанан буолар. Итини быһаарар инниттэн, 2019 с. дьон үлэлээх буолуутун үрдэтэргэ уонна урбааны сайыннарарга усулуобуйалары тэрийиигэ улуус бүддьүітүттэн «иные межбюджетные трансферты» (ИБМТ) бэрилиннэ. 17 сэлиэнньэҕэ 20 міл. 580 тыһ. солк. суумалаах ИМБТ анаммыта. Сэлиэнньэлэр 1 міл. 470 тыһ. солк. ирээттэһэн үбүлээтилэр, дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын сириэстибэлэрэ - 4 міл. 673 тыһ. солк. ИМБТ үбэ Чуукаарга бэкээринэни арыйыыга уо.д.а. уо.д.а. муниципальнай тэриллиилэр урбааны сайыннарыыга бырайыактарын ороскуоттарын ирээттэһэн үбүлээһиҥҥэ ыытылыннылар. Акана нэһилиэгэр ыытылыбыт 1 міл. солк. суумалаах ИМБТ үбэ, сібүлэһии кыайан тутуһуллубатаҕынан сибээстээн, улуус бүддьүітүгэр тіннірүллүіҕэ.
21 бырайыактан 13 бырайыак үлэтин саҕалаата, 8 бырайыак 2020 с. ситэриллиэҕэ, 23 саҥа үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. 2020 с. олохтоох бүддьүіттэн куонкурус түмүгэр ИМБТ улуус сэлиэнньэлэригэр саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийиигэ бэриллиэҕэ.
Бүддьүіт
2019 с. улуус бүддьүітүн дохуота 4 млрд. 383 міл. 253 тыһ. солк. тэҥнэстэ (былаан 99,6 % туолла), ол иһигэр сүрүн ирээти іріспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүітүттэн босхо тірүккэ олоҕуран киирэр үптэр ылаллар - 99,1%); бүддьүіт бары дохуотун 19,8 % нолуок уонна нолуок буолбатах дохуоттара (тус дохуоттар). Нолуок уонна нолуок буолбатах дохуоттар сүрүн киириилэрэ физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуоктан (25,1%) уонна улуус бас билиитигэр баар аахсыйалар дивиденнэрин барыыһын быһыытынан дохуоттартан (67,5 %) хааччыллар.
2019 с. улуус муниципальнай тэриллиилэрэ олохтоох кіҕүлээһиннэри ійүүр Бырагыраама іріспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар кыттыбыттара. Бу түмүгэр 17 сэлиэнньэҕэ уонна муниципальнай оройуоҥҥа 25 бырайыагы олоххо киллэрэргэ барыта 42 міл. 775 тыһ. солк. бэриллибитэ. Ол иһигэр судаарыстыбаннай бүддьүіттэн - 31 міл. 980 тыһ. солк, муниципальнай тэриллиилэр уонна улуус ирээттэһэн үбүлээһиннэрэ - 5 міл. 603 тыһ. солк., нэһилиэнньэ уонна спонсордар кыттыылара - 5 міл. 192 тыһ. солк. 2018 с. 17 сэлиэнньэ 19 бырайыагар 30,1 міл. солк. бэриллибитэ.
Муниципальнай баайы-дуолу салайыы
СЈ судаарыстыбаннай бас билиититтэн улуус бас билиитигэр 6 міл. 619 тыһ. солк. суумалаах сүрүн сириэстибэлэр бэрилиннилэр: Сүлэ оскуолатыгар -ПАЗ оптуобус, Хаҥалас, Хорула, Маар оскуолаларыгар – 3 ГАЗ оптуобус.
Улуус муниципальнай бас билиитигэр атыылаһыынан уонна атын тірүіттэринэн 227 міл. 180 тыһ. солк. суумалаах сүрүн сириэстибэлэр ылылыннылар, ол иһигэр ууну ыраастыыр тэриллэргэ уонна ууну ыраастыыр тутууларга самалык тутуулар, улуустааҕы киин балыыһаҕа 2 «Суһал кімі» массыыната уо.д.а.
«Степан Васильев аатынан сылгы собуота» АО-ны судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэҕэ уларытан тэрийэр инниттэн, саха атын боруодатын оннунан хаалларарга «Дорожнай каартаҕа» сіп түбэһиннэрэн балансаҕа баар сүрүн сириэстибэлэр инвентаризациялара ыытыллан бүтэн эрэр.
403 тыһ. сол. суумаҕа 200 сир учаастагын арендатын дуогабара түһэрсилиннэ. Ол иһигэр 162 – физическэй сирэйдэрдиин, 38 – юридическай сирэйдэрдиин. 79 тыһ. солк. суумаҕа сир учаастагын атыытын 30 дуогабара түһэрсилиннэ. 2019 с. тохсунньу 31 к. туругунан сир учаастактарын арендаҕа биэрииттэн дохуот 1 міл. 455 тыһ. солк. тэҥнэстэ.
Хатыҥ Сыһыы-Хорула суолугар ойуур учаастактарын кыраныыссатын чуолкайдааһыҥҥа үлэ ыытылынна, ойуур учаастагын проектнай документацията оҥоһулунна, ойуур учаастагын бастайааннай туһаныы бырааба докумуоннанна.
2019 с. тохсунньу 321 к. туругунан Ньурба улууһун тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин контурдарын туһунан нэһилиэктэр сиргэ-баайга сыһыаннаһыыларга исписэлиистэрин кытта бииргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэр тустарынан Биир кэлим федеральнай информационнай систиэмэҕэ 2924 сибидиэнньэ киллэрилиннэ.
Улууска сир учаастактарын ылбыт элбэх оҕолоох 506 ыал туһунан сибидиэнньэлэр Судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай систиэмэҕэ киллэрилиннилэр. Босхо сир участагын кірдіін уочаракка 202 дьиэ кэргэн турар.
2019 с. отдел ыппыт атыыларын түмүктэринэн улуус сакаасчыттарынан барыта 444 міл. 921,2 тыһ. солк. хантараактар түһэрсилиннилэр, 31 процедура олохсутулунна. Урукку курдук, поставщиктары (бэдэрээтчиттэри, толорооччулары) быһаарар сүрүн ньыманан электроннай кірүҥүнэн аһаҕас аукцион буолар.
Табаардары, үлэлэри, іҥілірү атыылаҺыы эйгэтигэр баар систиэмэ түмүгэр, куонкурустар уонна куонкуруһу таһынан процедуралары ыытыы суотугар 5 міл. 449 тыһ. солк. бүддьүіт үбэ кэмчилэннэ.
Дьоҕус уонна орто предпринимательство
2020 с. тохсунньу 1 к. туругунан улууска 653 урбаанньыт баар, ол иһигэр 2019 с. 112 индивидуальнай предприниматель уонна 14 бааһынай хаһаайыстыба баһылыга регистрацияланна.
Былырыын урбааны ійүүргэ муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн үбүлээһин кээмэйэ 39 міл. 150 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Ол иһигэр: спецтехниканы ыларга ирээттэһэн үбүлээһиҥҥэ субсидия – 2 міл. солк.; спецтехниканы ыларга ороскуоттары толуйууга субсидия - 500 тыҺ. солк.; гаас саппараапкаларын аһарга ороскуоту толуйууга - 1 міл. солк.; кіҺі сылдьар кинотеатры ыларга ороскуоту толуйууга субсидия - 300 тыһ. солк.; оскуола бизнес-инкубатордарын тэрийиигэ субсидия – 1 міл. солк..; дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарарга кылаатын иһин улуус баһылыгын Грана - 100 тыҺ. солк.; сэлиэнньэлэргэ ИМБ0Т бырагырааматынан урбааны ійііһүҥҥэ – 19 міл. 580 тыһ. солк.; урбаанньыттарга чэпчэтиилээх сойуомнар - 14 міл. солк; урбааны сайыннарарга туһуламмыт тэрээһиннэр - 670 тыһ. солк.
Муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталарын кытта нэһилиэктэргэ урбаанньыттарга уонна урбаан дьыалатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга 50 тэрээһин ыытылынна.
Биисинэс-инкубаторга резиденнэр куонкуруһунан 3 сыл устата чэпчэтиилээх арендаҕа олорор быраабы ылаллар. Манна баар тэрилтэлэр сыл устата 74 міл. 988 тыһ. солк. киллэрилиннилэр, 9 міл. 26 тыһ. солк. нолуок уонна усунуос тіліітүлэр. 40 үлэ миэстэтэ арылынна.
Сэлиэнньэлэргэ урбааны сайыннарарга улуус бүддьүітүттэн ИМБТ бырагырааматынан 20 міл. 580 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Куонкурус түмүгүнэн улахан нэһилиэктэргэ – 2-лии міл. солк., кыра нэһилиэктэргэ – 1-дии міл. сок. кірүллүбүтэ.
Сыл устата 19 міл. 580 тыһ. солк. суумалаах 21 бырайыак үбүлэннэ. Ол иһигэр 13 бырайыак үлэтин саҕалаата, 8 бырайыак 2020 с. ситэриллиэҕэ. 13 бырайыак олоххо киллэриллэн 23 үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. Ол иһигэр бааллар: Дьиикимдэҕэ овощехранилище, Маалыкайга химчистка іҥілііх прачка, Күндээдэҕэ, Малдьаҕарга бэкээринэ, Чаппандаҕа миэбэл сыаҕа уо.д.а.
Улууска 11 оскуола бииисинэс-инкубатора тэриллэн турар. 2019 с. 2 оскуолаҕа: Хатыы оскуолатыгар ыҥырыа иитэргэ уонна Ньурбачаан оскуолатыгар коза ферматыгар 500-тии тыһ. солк. субсидия бэрилиннэ.
Тутуу уонна олорор дьиэ
«АЛРОСА» АК-ны кытта улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кіміліһүүгэ дуогабар чэрчитинэн 2019 с. 324 міл. 800 тыһ. солк. кірүллүбүтэ. Бу үп 93,7% туһанылынна. Ол иһигэр бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэргэ – 23 міл. 907 тыһ. солк., эбийиэктэри тутууга уонна хапытаалынай ірімүіҥҥэ - 283 міл. 381 тыһ. солк. 2019 с. тохсунньу 31 к. туругунан 304 міл. 337 тыһ. солк. туһаныллыбыта (93,7%).
Уосайа 9582 кв. м иэннээх 108 олорор дьиэ киирбитэ.
Муниципальнай суоллары кірүүгэ-истиигэ, ірімүіннээһиҥҥэ 16 міл. 526 тыһ. солк. ананна. Киров-Чуукаар-Быһыттаах-Маалыкай-Хатыы суолугар ууну аһардар турбалар түһэрилиннилэр. Улуус дьаһалтатын уонна «Партнер» ХЭТ икки ардыгар концессионнай сібүлэһиинэн Хатыҥ Сыһыы-Сайылык 52 км усталаах суолун 70%-на хапытаалынайдык ірімүіннэннэ.
4 км усталаах Ньурба к. Комсомольскай, Кудряшов уулуссалара уонна Антоновка Трассовай уул. 92 міл. 309 тыһ. солк. суумаҕа аспаалланнылар.
Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга барыта 21 міл. 334 тыһ. кірүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүіттэн - 10 міл 348 тыһ. солк., іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн - 899 тыһ. солк., улуус бүддьүітүттэн - 10 міл. солк. 23 эдэр ыал дьиэни булунарга эбэтэр биирдиилээн олорор дьиэни туттарга социальнай тілібүрү ыларга 21 міл. 247 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти туттулар.
Тутуулара былааннанар Ньурба к. 500 оскуолатын, улуустар икки ардыларынааҕы Мед-киин, Ньурба к. сыбаалкатын рекультивациятын уонна саҥа біх полигонун тутуутун проектнай-сметнай документацията оҥоһуллар. «Уһук илиҥҥи гектар» сокуонунан Антоновкаҕа компактнай микро-оройуон инфраструктуратын тэрийиигэ 12 міл. 200 тыһ. солк. суумалаах массыына суолун тутуутун проектнай документацията оҥоһулунна.
Экология
2019 с. нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыыга элбэх үлэ барда. Чуукаарга, Маалыкайга, Јҥілдьіҕі, Малдьаҕарга ууну ыраастыыр ыстаансыйалары саҥардыыга балачча элбэх үп ыытылынна. Јріспүүбүлүкэ үбүн суотугар Күндээдэҕэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутулунна. 7 водовоз ылылынна, ол иһигэр 4 – улуус уонна 3 – іріспүүбүлүкэ үбүн суотугар. Ньурба к. скажинатыттан ууну хачайдаан таһаарыы ороскуотун толуйан, 1 буочука уу сыанатын 100 солк. хааллардыбыт, субсидия олохтоон Ньурба к. уонна Антоновка кыаммат ыалларыгар 19 л ыраастаммыт уу сыанатын 50 солк. чэпчэттибит.
Ыраас уунан хааччыйыыга 5 міл. 218 тыһ. солк. ИМБТ үбэ кірүлүннэ. Урбаанньыттар скважинаттан ууну хачайдаан нэһилиэнньэҕэ ыраас иһэр ууну тиэрдэллэригэр ороскуоттарын сорҕотун сабарга, 2018 с. нэһилиэнньэни уунан хааччыйыыга кірсүллүбүт ороскуоттарын толуйууга, 2019 с. кыаммат ыалларга уу сыанатын чэпчэтиигэ ИМБТ үбэ туһаныллыбыта.
Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар ууну ыраастаан тиэрдиигэ 2 міл. 221 тыһ. солк. суумалаах ороскуоттар толуйуннулар, ол иһигэр ИМБТ-нан Октябрьскай нэһилиэккэ – 1 міл. 133 тыһ. солк., Ньурба к. – 1 міл. 87 тыһ. солк.
Саҥа ууну ыраастыыр ыстаансыйалар үлэҕэ киирбиттэригэр ыраастаммыт уу 1 л сыанатын 1,5 солк. олохтоотубут, эбэтэр аналлаах водовоз таһарыгар 200 л ыраастаммыт уу сыаната - 300 солк.
2019 с. улуус сиригэр-уотугар айылҕа эйгэтин туругун экологическай мониторина ыытылынна. Бу мониторинг ыраах нэһилиэктэри уунан хааччыйыыга быһаарыы ылынарга тірүітү биэрэр. Идэтийбит лабораториялар бигэргэппит научнай үлэлэрин илиибитигэр ыламмыт, сүіһү уулатыытын тэрийэргэ улуус бүддьүітүттэн үбүлүүргэ күһэллибит, уустук түгэннэрдээх сорох нэһилиэкбитигэр уунан хааччыйыыга баар кыҺалҕалары туоратыыга 2020 с. үлэлэри саҕалыахпыт.
Үірэхтээһин
«Улуус үірэҕин систиэмэтин сайыннарыы» муниципальнай бырагыраамаҕа 1 млрд. 923 міл. 912 тыһ. солк. (99,97%) кірүллүбүтэ, ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн –1 млрд. 169 міл. 833 тыһ. солк. (99,99%), олохтоох бүддьүіттэн –754 міл. солк. (99,92%).
Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин
«Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ 567 міл. 312 тыһ. солк. (99,92%) кірүллүбүтэ, ол иһигэр іріспүүбүлүкэттэн - 295 міл. 542 тыһ. солк. (100%), улуус бүддьүітүттэн - 271 міл. 769 тыһ. солк. (99,83%).
2019 с. ахсынньы 1 к. туругунан оҕо уһуйааннарыгар 2113 оҕо сылдьар. Уочаракка 3-гэр диэри саастаах 287 оҕо турар.
2019 с. от ыйыгар Ньурба к. «Малышок» дьыссаатын айымньылаах кэлэктиибэ «Образцовый детский сад 2018-2019» Бүтүн Арассыыйатааҕы кірүү-куонкуруска кыайан, Арассыыйа үрдүнэн 32 тыһ. дьыссааттан 500 саамай бастыҥ оҕо саадын иһигэр киирбитэ.
Оскуола иннинээҕи үірэхтээһин үлэһитин күнүн бэлиэтээһиҥҥэ уонна Дьокуускайга Үірэх министиэристибэтигэр іріспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа куонкурустарын кыайыылаахтарын чиэстээһиҥҥэ А.Г.Габышев аатынан Антоновкатааҕы «Биһик» дьыссаат «Бастыҥ тыа сирин оҕо саада» буолбута.
2019 с. ахсынньыга Ньурба к. «Кэскил» оҕо уһуйаанын саҥа дьиэтин 1-кы сыбаайатын үірүүлээхтик түһэрии буолбута.
Уопсай үірэхтээһин
«Уопсай үірэхтээһин» хос бырагырааманы олоххо киллэриигэ 1 млрд. 316 міл. 102 тыһ. солк. (99,99%) ыытыллыбыта. Ол иһигэр іріспүүбүлүкэ бүддьүітүттэн – 874 міл. 291 тыһ. солк. (99,9%), улуус бүддьүітүттэн – 441 міл. 811 тыһ. солк. (99,98;%).
Улууска 25 күнүскү уонна 1 киэһээҥи оскуолаҕа 4328 оҕо үірэнэр. Барыта 339 кылаас-комплект баар.
2018-2019 с. үірэх дьылыгар уопсай орто үірэхтээһин бырагырааматынан судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация
Уопсай орто үірэхтээһин бырагыраамынан ГИА-ҕа 365 кыттааччы регистрацияламмыта. Ол иһигэр 2019 с. выпускниктар – 340, урукку сыллардааҕы выпускниктар – 25, ГВЭ кірүҥүнэн туттарар 19 оҕо.
ОГЭ түмүгүнэн уопсай орто үірэх туһунан аттестаты 38 оҕо ылбата, ЕГЭ түмүгүнэн толору орто үірэх аттестатын 24 выпускник ылбата.
11 кылаас кэнниттэн үрдүк үірэххэ киирии – 51,42%, 9 кылаас кэнниттэн – 18%.
2020 с. Үірэхтээһин сылынан биллэриллибитинэн сибээстээн, үірэх боппуруостырыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Оҥоһуллар үірэх іҥілірүн хаачыстыбатыгар ураты болҕомто туһаайыллыаҕа.
Марха уонна Маалыкай оскуолаларын базатыгар «Точка Роста» үірэх кииннэрэ аһылыннылар. 2020 с. маннык кииннэр Антоновка уонна Хорула оскуолаларыгар аһыллаллара былааннанар.
Үірэнээччилэр Арассыыйа, іріспүүбүлүкэ уонна улуус куонкурустарыгар кіхтііхтүк кытталлар, бириистээх миэстэлэри ылаллар.